Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ньиргийии

ньиргий диэнтэн хай
аата. Кэлии-барыы, тиэтэйии, кэлимсэ биир ньиргийии. П. Тобуруокап

ньиргий

туохт.
1. Туох эмэ улахан охсууттан биллэ-биллибэттик бүтэйдии доргуйан иһилин (сүнньүнэн сир доргуйарын этиллэр). Сотрясаться, содрогаться (напр., от сильных ударов)
Соноҕос атыыр кистээтэҕинэ, сир ньиргийэрэ баар үһү (тааб.: этиҥ). Сир-халлаан ньиргийэргэ дылы гынна. Эрилик Эристиин
Ыраах, сир түгэҕин диэки, оргууй ньиргийэн ылла. А. Фёдоров
Доргуйан ыарый (эт-сиин туһунан). Ощутить боль в теле
Маайа көхсө бүтүннүү ньиргийэн ыалдьара. Эрилик Эристиин
2. көсп. Улахан дорҕоонноохтук тыаһааууһаа; улаханнык дуораһый. Издавать громкие, раскастистые звуки, греметь
Анараа хосторго суот тыаһа лычыргыыр, атах тыаһа либиргиир, кэпсэтэр, күлсэр дорҕоон ньиргийэр. А. Софронов
Кытылтан дьон саҥата, ыһыыта-хаһыыта биир кэм ньиргийэр. Н. Якутскай
Дьаллааһын үрүйэтэ үлэ, өтүйэбалта тыаһынан ньиргийэ түстэ. М. Доҕордуурап
ср. монг. нирхийх ‘издавать сильный шум, грохот, гул’

ньиргий-ньаргый

туохт., кэпс. Элбээн, хойдон, ньамалаһан көхтөөхтүк олор. Жить дружно, шумно, весело (будучи многолюдным — напр., о доме, семье). Бөтүрүүннээх сааскы көтөр-сүүрэр кэлиитэ, балык ыама буолан, …… киһилэрэ-сүөһүлэрэ хойдон, ньиргийэн-ньаргыйан олорор кэмнэрэ эбит. Саха сэһ
1977
Сэрии иннинэ ити сыһыыга хас да кыра холкуос тэриллэн, ньиргийэн-ньаргыйан олорбуттара. П. Аввакумов
Үтүө күнүгэр бу дьиэ эмиэ ньиргийбит-ньаргыйбыт дойду этэ. Д. Таас

Якутский → Русский

ньиргий=

греметь, грохотать; рокотать; ыраах этиҥ ньиргийэр вдали гремит гром; самолёт тыаһа ньиргийэр рокочет самолёт.

Якутский → Английский

ньиргий=

v. to thunder


Еще переводы:

ньиргийбэхтээ

ньиргийбэхтээ (Якутский → Якутский)

ньиргий диэнтэн тиэт. көрүҥ. Сирэ ньиргийбэхтээн ылла. Сүөдэр хаста да быара ньиргийбэхтээтэ

ньиргийтэлээ

ньиргийтэлээ (Якутский → Якутский)

ньиргий диэнтэн төхт. көрүҥ. Дьон хаһыыта ньиргийтэлээтэ
Икки бүтэй тыас утуу-субуу ньиргийтэлээтэ. Амма Аччыгыйа

сааһылас

сааһылас (Якутский → Якутский)

сааһылаа диэнтэн холб. туһ. Саалаҕа дьон сааһылаһан турууларын саҕана муусука ньиргийдэ. Н. Лугинов

грянул

грянул (Русский → Якутский)

гл,сов
ньиргийдэ, сатараата

загремел

загремел (Русский → Якутский)

гл,сов
лиһигирээтэ, ньиргийдэ

ньиргиэрдэн

ньиргиэрдэн (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Ньиргийэр тыастан, ньиргийэн иһилин. Становиться громче, звучать гулко, раскатисто
Муусука ордук күүскэ энэлийэртуойар, ордук ньиргиэрдэнэр. С. Никифоров
2. көсп. Улам күүрээннэнэн бар. Становиться оживлённее, громче, активнее (напр., о собрании)
Мунньах бүтүүтэ ньиргиэрдэнэн барда. А. Софронов

прогреметь

прогреметь (Русский → Якутский)

сов. 1. ньиргий, ньириһий, ти-тгинээ; ньиргит; гром прогремел этиҥ ньири-һийдэ; 2. перен. (прославиться) дуораһый, лһилин (сураҕыр, аатыр).

лигийии

лигийии (Якутский → Якутский)

лигий диэнтэн хай
аата. Икки өттүттэн артиллериянан ытыалаан лигийииттэн сир-дойду, м э ктиэтигэр, ньиргийэн олорбута. ВА

хоһулас

хоһулас (Якутский → Якутский)

хоһулаа I диэнтэн холб. туһ. Хас да кус хоһулаһа түспүттэригэр, мин тардан кэбистим
Саам барахсан ньиргийэ түһээхтээбэт дуо? М. Ефимов

гремит

гремит (Русский → Якутский)

гл
лүһүгүрүүр, ньиргийэр. Гром гремит