Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ньиргиһит

ньиргиһий диэн курдук
Этиҥ этэн ньиргиһитэр. Л. Попов
Ньиргиэр, дирбиэн этиҥ Ньиргиһитэн эттэ. Күннүк Уурастыырап


Еще переводы:

дирбиэр

дирбиэр (Якутский → Якутский)

көр дирбиэн-дарбаан
2
Ньиргиэр, дирбиэр этиҥ Ньиргиһитэн эттэ. Күннүк Уурастыырап

ньирилэт

ньирилэт (Якутский → Якутский)

ньирилээ диэнтэн дьаһ
туһ. Ыраах Чуораайы чараҥар тыраахтар үлэлээн ньирилэтэр. М. Доҕордуурап
Сотору буолаат, бэргэһэ саҕа былыт өрө көтөн тахсан, хайалартан тайанан туран, ардаан ньирилэттэ. И. Федосеев
[Ырыаҕын] Ньирилэтэн, ньиргиһитэн, Дьигиһитэн иһэҥҥин, Эҥээритэн, эймэһитэн, Эйээритэн түһэрэҕин. С. Тимофеев

эймэһит

эймэһит (Якутский → Якутский)

эймэһий диэнтэн дьаһ
туһ. Сүрэҕи-быары эймэһитэр, этихааны имэҥирдэр күүттэриилээх, кыра да кэм кээмэйэ-кэрдиитэ сороххо уһун, сороххо кылгас буолар. Тумарча
Ырыаҕын Ньирилэтэн, ньиргиһитэн, Дьигиһитэн иһэҥҥин, Эҥээритэн, эймэһитэн, Эйээритэн түһэрэҕин. С. Тимофеев

эйээрт

эйээрт (Якутский → Якутский)

эйээр диэнтэн дьаһ
туһ. Үлэбитин бүтэрэн, үөрэ-көтө ситэрэн Сарыал киэһэ төннүөхпүт, Эмиэ ырыа ыллаан Эйээрдэн барыахпыт. П. Тобуруокап
Бүлүүлүү наҕыллык, хотолдьуччу этэн, эйээрдэн киирэн бардылар. Э. Соколов
Ырыаҕын ньирилэтэн, ньиргиһитэн, Дьигиһитэн иһэҥҥин, Эҥээритэн, эймэһитэн, Эйээрдэн түһэрэҕин. С. Тимофеев