Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ньолой

дьүһ. туохт. Уһаан, томтойон, лоппойон көһүн (хол., сирэй). Быть вытянутым в длину (напр., о лице)
Ньолбуһах хара сирэйэ ордук уһаан ньолойдо. А. Фёдоров
Сүөкүлэ сирэйэ ньолойон, муоһа адаарыйан турар ынаҕы ыйан кэбистэ. Р. Кулаковскай
Өксүөн ньим барда, били уһун синньигэс сирэйэ эбии ньолойорго дылы гынна. У. Нуолур. Тэҥн. ньалай, ньөлөй

Якутский → Русский

ньолой=

образн. иметь очень длинное узкое лицо.

Якутский → Английский

ньолой=

v. to have a long face, to jut out (of one’s face)


Еще переводы:

ньолойуу

ньолойуу (Якутский → Русский)

и. д. от ньолой =.

ньолоруй

ньолоруй (Якутский → Якутский)

ньолой диэнтэн хамс. көстүү. Уол дьиэтин диэки сүүрэн ньолоруйа турда

ньололун

ньололун (Якутский → Якутский)

ньолой диэнтэн бэй
туһ. Ыраахтааҕыны аһыйан ньололлон олорор Уйбааны көрөн Ньукулай күллэ. Р. Кулаковскай

ньолоҥноо

ньолоҥноо (Якутский → Якутский)

ньолой диэнтэн б
тэҥ. көстүү. «Кэпсэттэххэ, киһи диэн кэпсэппэт. Туспатымсыйан ньолоҥнуур», — Августина умайыктанна. Н. Босиков

ньолойоохтоо

ньолойоохтоо (Якутский → Якутский)

ньолой диэнтэн атаах. — Өрө ньолойоохтооҥҥун [халааҥка оһох] киси да бөҕөҕүн ээ! Эмиэ буруолаан чолойо сытыйаахтаабыккын дии! Амма Аччыгыйа

ньолооруй

ньолооруй (Якутский → Якутский)

ньолой диэнтэн бытаар
көстүү. Бу түгэҥҥэ Ыппаатый эттээх төгүрүк сирэйэ уһаан ньолооруйарга дылы буолла, кыараҕас харахтара кэҥээн эрилистилэр. «Чолбон»

ньолос гын

ньолос гын (Якутский → Якутский)

ньолой диэнтэн көстө түһүү. [Бухатыыр] Тохто сылдьар Тордохтоох ньуура Ньолос гына түстэ. П. Ойуунускай. Ойуун баттаҕа бураллыар диэри баһын ньолос гыннарда. М. Доҕордуурап

ньолос

ньолос (Якутский → Якутский)

ньолой диэнтэн холб. туһ. Сотолоругар диэри ууга тимирэн турар талахтары быыстарынан уу күтэрдэрэ устан ньолоһоллор. И. Гоголев
Дьонум олоро түстүлэр, сирэйдэрэ диибин диэн, …… сүөһү таалын курдук ньолоһон хаалбыттар. «Чолбон»

ньолох гын

ньолох гын (Якутский → Якутский)

ньолой диэнтэн көстө түһүү. Эмискэ Сэллик атыыһыт хараара чартыстыбыт, уолбут омуртаах уҥуох-тирии сирэйэ ньолох гынна. Н. Лугинов
Оҕонньор соһуйан ньолох гынна. Тумарча
Уулаах …… Дьаҕалыыр суол төрдүн диэки ньолох гынан көрөн кэбистэ. Эрилик Эристиин

ньолоһуй

ньолоһуй (Якутский → Якутский)

ньолой диэнтэн хамс
көстүү. Уол түҥнэри холоруктаата, умсан күөрэйдэ, кытыыга устан ньолоһуйда. Амма Аччыгыйа
Ата ууга үөрүйэх сылгы эбит: үрэххэ киирээт, төбөтүн ньолбоччу туттубутунан, бэрт дьулурҕатык харбаан ньолоһуйда. С. Никифоров