высок, славный; биһиги ньургун буойуннарбыт наши славные воины.
Якутский → Русский
ньургун
Якутский → Английский
ньургун
a. first, best, choice
Якутский → Якутский
ньургун
- даҕ.
- Күүстээх санаалаах, эрдээх сүрэхтээх, хорсун. ☉ Отважный, смелый, храбрый
Бу аан ийэ дойду өрөгөйдүүрүн туһугар сырдык тыыннарынан мэктиэлээн сэриилэспит ньургун уолаттары төрөтөн төлөһүппүт күн ийэлэрбит эмээхситтэр, уруйайхал буоллун эһиэхэ! Амма Аччыгыйа
Кырдьык кимиэхэ да балыйтарбат, сырдык туохха да хаххалаппат, ньургун сүрэх туохтан да, кимтэн да дьулайбат. Амма Аччыгыйа
Оо, үчүгэй да этилэр Ол кэлбэтэх [фронтан] ньургун дьоннор, Хайа сир киэҥ эйгэтигэр Хааллылар буолла охтоннор. И. Эртюков - көсп. Талыыттан талыы, үчүгэйтэн үчүгэй, бастыҥ. ☉ Лучший из лучших, самый лучший
Бу ньургун ньургуһуннар Тоҥ муус буору тобулбуттар: Дойдубун симиир туһугар Дьыбартан, хаартан чаҕыйбаттар. С. Данилов
Киһи санаата көтөҕүллэн, үөрүөн-көтүөн курдук буолан, аан дойду ньургун ньуура тупсан турар этэ. Эрилик Эристиин - аат суолт. Киһи бастыҥа, үчүгэйэ, чулуута (үксүгэр тард. сыһыар-х ф-ҕа). ☉ Человек, выделяющийся среди других силой, умом и красотой (обычно употр. в притяж. ф.)
Ылар үлэ ньургуна Бастыҥ үүнүү өлгөмүн, Сыһыы-хонуу муҥунан Сылгы, ынах төрүөҕүн. Эллэй
Ол күнү мин хайдах умнуомуй, — Киэҥ алаас сааскы чаҕылын, Туналҕаннаах ньуурдаах ньургунун, Эйигин — сырдык тапталбын. С. Данилов
Ийэ дойду этиэҕэ: «Чэгиэн-чэбдик дьоннордо!» Биһигиттэн үүнүөҕэ Киһи киилэ, ньургуна. И. Федосеев
ср. уйг. ньурҕун ‘много’, тунг. ньургин ‘передовой, ведущий’
Еще переводы: