Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ньууххайдаа

туохт. Илиигинэн сирэйгин күүскэ сотуолаа. Тереть, растирать руками лицо. Кини оронуттан оронон тураат, ытыһын хаптаҕайынан сирэйин ньууххайдыыр үгэстээҕэ
Мэхээс тыс үтүлүгүн көхсүнэн сирэйин ньууххайдаат, хараҕын быһыта симмэхтээтэ. В. Протодьяконов


Еще переводы:

ньууххайдан

ньууххайдан (Якутский → Якутский)

ньууххайдаа диэнтэн бэй., атын
туһ. [Эһэ] тигээйилэр сабыта түстэхтэринэ, илгистэ-илгистэ икки ытыһынан хардарыта муннун ньууххайданар уонна, ытыыр курдук, киҥинэйэр. Амма Аччыгыйа
Сирэйбин соппутум, — кирим сүрдээх. Уһуннук ньууххайданан да, кирбиттэн улаханнык көҕүрэтиэ суохпун. С. Никифоров
Оҕо кумааҕы диэки үчүгэй баҕайытык көрдө уонна илиитин көхсүнэн муннун ньууххайданан баран, Сэмэн диэки өрө одуулаан турда. Д. Таас

симмэхтээ

симмэхтээ (Якутский → Якутский)

I
сим I диэнтэн тиэт
көрүҥ. Кыра Света …… кумааҕытын кум-хам тутан хачыгыратар, паартатын анныгар симмэхтиир. Далан
Сылабаарга чоҕу кытта буруолаах маһы симмэхтээтим. Н. Заболоцкай
Дьоннор утуу-субуу өрө сүгүллэн тураллар, ыйытан симмэхтииллэр. Н. Апросимов
II
сим II диэнтэн тиэт
көрүҥ. Мэхээчээн тыс үтүлүгүн көхсүнэн сирэйин ньууххайдаата, хараҕын быһыта симмэхтээтэ. В. Протодьяконов
Хараҕа саатан, быһыта симмэхтээтэ. «ХС»