выкройка; форма; ньэмиэтинэн кырыйан тик = шить по выкройке.
Якутский → Русский
ньэмиэт=
Якутский → Якутский
ньэмиэт
аат.
1. Таҥаһы эбэтэр тугу эмэ быһар киэп. ☉ Трафарет, выкройка
Илин-хоту икки ардынан кэлээччи-барааччы кэлтэгэй атахтаах Кэп туонуохтара диэн, Иринньэх чөкчөҥө Ньэмиэтин тиирдэрбит. С. Зверев
Биһилэҕи оҥорорго маҥнай хордуоҥка ньэмиэт оҥорон баран, халыҥ соҕус лиис тимиргэ суруйан ылыллар. «Чолбон»
2. көсп. Өйгө оҥорон көрөр уобарас. ☉ Образ, создаваемый мысленно
Бу уот-кудулу муора баһылыга Баача Баатыры сатаатар саһан тураммын Сырдык сэбэрэтин, ньилбэгэй ньэмиэтин Иҥэринэн хаалларбын. С. Зверев
Уонна ол өй көмөтүнэн, Өй оҥорор ньэмиэтинэн Санаа уран өтүйэтинэн, Хат-хат айа, төхтүрүйэн Көтүрэ-көтүрэ эбэн, Үгүс үйэ уһаммыта, Симээбитэ, уһаарбыта. С. Данилов
«Кини хайдах да суоһурдун, суодуйдун, бэйи аны утарсыам эбээт, мин да уола хааммын», — диэн [Маппыр] иһигэр саана сылдьар да, Абыраамап уорастыйбыт ньэмиэтин көрдөҕүнэ, …… Абыраамап этэрин барытын ылыммыта уонна толорбута эрэ баар. Л. Попов
русск. намёт
Еще переводы: