Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ньээҥкэһит

аат. Ньээҥкэ буолар киһи. ☉ Работающий няней, нянькой
Арай бу дьиэ хаҥас өттүгэр чуулаан баарыгар дьахтар төрөөрү энэлгэнэ буола сытар. Онно дьахталлар, ньээҥкэһиттэр киирэллэр-тахсаллар. Саха ост. I. Биирдэ аатыгар ийэтэ уолугар бэрэски оҥорон ыыппыт, ньээҥкэһит эмээхсининэн. Саха фольк.


Еще переводы:

бэрэски

бэрэски (Якутский → Якутский)

аат. Буспут эти, ириис куруппаны, сымыыты булкуйан тиэстэҕэ суулаан, арыыга эбэтэр духуопкаҕа буһарбыт ас. ☉ Пирожок, пирожки
Биирдэ аатыгар ийэтэ уолугар бэрэски оҥорон ыыппыт, ньээҥкэһит эмээхсининэн. Саха фольк. Сакалаат кэнниттэн килиэп, эт, бэрэски эҥин буолан барда. П. Филиппов
Күөрчэхтээх лэппиэскэ, Арыылаах бэрэски, Чэй, саахар, бирээнньик — Остуолга бэлэмнэр. С. Данилов