Якутские буквы:

Якутский → Русский

бэрэски

пирожки; хаппыыста бэрэски пирожки с капустой; эт бэрэски пирожки с мясом.

Якутский → Якутский

бэрэски

аат. Буспут эти, ириис куруппаны, сымыыты булкуйан тиэстэҕэ суулаан, арыыга эбэтэр духуопкаҕа буһарбыт ас. ☉ Пирожок, пирожки
Биирдэ аатыгар ийэтэ уолугар бэрэски оҥорон ыыппыт, ньээҥкэһит эмээхсининэн. Саха фольк. Сакалаат кэнниттэн килиэп, эт, бэрэски эҥин буолан барда. П. Филиппов
Күөрчэхтээх лэппиэскэ, Арыылаах бэрэски, Чэй, саахар, бирээнньик — Остуолга бэлэмнэр. С. Данилов


Еще переводы:

пирожок

пирожок (Русский → Якутский)

сущ
бэрэски

сущ.
бэрэски

пирожок

пирожок (Русский → Якутский)

м. бэрэски; пирожки с капустой хаппыысталаах бэрэски.

начыыҥка

начыыҥка (Якутский → Русский)

разг. начинка; бэрэски начыыҥката начинка пирожков.

вареники

вареники (Русский → Якутский)

мн. (ед. вареник м.) вареник (иэдьэгэйдээх, хаппыысталаах эбэтэр отонноох итии у у га буспут бэрэски).

бэрэскилээ

бэрэскилээ (Якутский → Якутский)

туохт. Бэрэски оҥор, буһар. ☉ Готовить, жарить, печь пирожки. Ийэм бырааһынньыкка бэрэскилээтэ

сокуускалан

сокуускалан (Якутский → Якутский)

сокуускалаа диэнтэн бэй
туһ. Биир портвейны ылан истилэр. Хаппыт бэрэски аҥаардыытынан сокуускаламмыта буоллулар. Софр. Данилов

начыыҥка

начыыҥка (Якутский → Якутский)

аат., кэпс. Аска (хол., бэрэскигэ, б ө р ү ө к к э у о. д. а.) угуллар эриллибит, илдьиритиллэн бэлэмнэниллибит эбилик (хол., эт, балык, барыанньа). ☉ Начинка. Кэмпиэт начыыҥката. Бэрэски начыыҥката

ыстаамахтаа

ыстаамахтаа (Якутский → Якутский)

ыстаа 1 диэнтэн тиэт
көрүҥ. Захар сымнаҕас тиэстэлээх эт бэрэскитин өр ыстаамахтаан баран ыйыстар. Н. Габышев
Ньукуу лэппиэскэтин икки илиитинэн боччоччу тутан олорон ыстаамахтыыра. В. Гаврильева
Тимка бэрэскитин хам-кум ыстаамахтаан баран, дьүккүс гынан ыйыстан кэбистэ. МАС ТК

ньээҥкэһит

ньээҥкэһит (Якутский → Якутский)

аат. Ньээҥкэ буолар киһи. ☉ Работающий няней, нянькой
Арай бу дьиэ хаҥас өттүгэр чуулаан баарыгар дьахтар төрөөрү энэлгэнэ буола сытар. Онно дьахталлар, ньээҥкэһиттэр киирэллэр-тахсаллар. Саха ост. I. Биирдэ аатыгар ийэтэ уолугар бэрэски оҥорон ыыппыт, ньээҥкэһит эмээхсининэн. Саха фольк.

халадьыас

халадьыас (Якутский → Якутский)

дыраһааҥка диэн курдук. Ийэм халадьыас буһарда
□ Нэһиилэ собо аҥаарын, биир бэрэскини, миин буолбут халадьыаһы утахтанан аһаатым. Н. Габышев
Улахан тэриэлкэҕэ балык халадьыаһы, хара килиэптээх иһити аҕалан иннигэр ууран биэрдэ. «Чолбон»