Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ньөлөгөр

даҕ. Аллараа өттүнэн уһаан, томтойон көстөр (хол., киһи сирэйэ). Длинный, продолговатый, с вытянутой и слегка выступающей нижней частью (напр., о лице человека)
«Биһиги омурҕанныы таҕыстыбыт», — диэн ааста уһун ньөлөгөр сирэйдээх, тор курдук бытыктанан эрэр Сарапыын Харайдаанап. Р. Кулаковскай
[Николай Николаевич] дьүһүннүүн нуучча-саха икки ардынан уһун ньөлөгөр сирэйдээҕэ, туртаҕардыҥы харахтааҕа, уһун синньигэс муруннааҕа. «ХС». Тэҥн. ньолоҕор


Еще переводы:

ньолоҕор

ньолоҕор (Якутский → Якутский)

даҕ. Уһаан, томтойон көстөр (хол., киһи сирэйэ). Длинный, вытянутый (о лице человека)
Убайдара Мэхээлэ көбүс-көнө уҥуохтаах, …… бытыга суох уһун ньолоҕор сирэйдээх, алта уонча саастаах киһи. Амма Аччыгыйа
Уһун муруннаах, киэҥ кылар харахтаах, ньолоҕор сирэйдээх …… киһи кинилэри соччо сөбүлээбэтэх курдук иэдэс биэрэн көрүстэ. Н. Якутскай
Салбааныкы Сүөдэр баттаҕа намылыйан, уһун ньолоҕор сирэйин олоотоон туттан кинээс диэки хайыһан баран, сүгүрүйэн тоҥхох гынна. М. Доҕордуурап. Тэҥн. ньөлөгөр