Якутские буквы:

Якутский → Якутский

нүөй

нүөлүй диэн курдук
Аргыылап сүрэҕэ ыарыылаахтык нүөйдэ. С. Данилов
Өр да өр буолан баран Мин төрөөбүт Чочубар Эргилинним буһанхатан, Сүрэҕим нүөйэн ы л а р. И. Гоголев
Минньигэстик нүөйэн т э п т э М и э н э т ойон сүрэҕим, Өйдөөн кэллим тоҕо эрэ Өкүлүүнэ ийэбин. А. Бродников


Еще переводы:

ньүөй

ньүөй (Якутский → Якутский)

көр нүөй
Иллэрээ түүн охсубут, тэбиэлээбит сирдэрэ сүр ыарыылаахтык ньүөйдүлэр. Софр. Данилов
Киһи кырдьар, сэриигэ ылбыт бааһа ньүөйэн ыалдьар, бытаардар, боҕутуннарар. П. Аввакумов

туймаар

туймаар (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Туохтан эмэ өйгүн сүтэрэн, дөйүөрэн, ону-маны өйдөөбөт буол. Потерять сознание, лишиться чувств
Киһи сирэйин-хараҕын саба туттан туймааран охтон түһэр. Суорун Омоллоон
Бэстилиэт бүтэйдик эһиннэ, Охонооһой, төбөҕө таптаран, Туймааран тыастаахтык оҕунна. Дьуон Дьаҥылы
Неля туох эрэ алдьархайы истиэм диэн туймаарарга дылы буолбута. ССС
2. Мэйииҥ эргийэн ыл (хол., олус долгуйан). Закружиться (напр., из-за сильного волнения — о голове)
Сүрэҕэ өрүкүйбүтэ, мэйиитэ туймаарбыта сүрдээх этэ: хараҕыттан уот бырдаҥалыырга дылы гыммыта. Күннүк Уурастыырап
Сүүрбэ биэс саастаахпар Галяттан Туймаарар буолбута мин мэйиим. И. Гоголев
Күн эрэ, түүн эрэ — дьолтон туймаарбыкка кэм диэн суох. Венера
Өйө туймаарда көр өй
Хаста нүөйдэ сүрэҕим?.. Хаста өйүм туймаарда?.. Р. Баҕатаайыскай
Евгений Өйө туймааран, сулбу ойор, …… Аналын билэ ыстанар. А. Пушкин (тылб.)
ср. джаг. туймаҕур ‘не понимающий, не предчувствующий’