бугристость, неровность, ухабистость; суол оллура-боллура неровность дороги.
Якутский → Русский
оллур-боллур
Якутский → Якутский
оллур-боллур
- аат. Кыра тэхтир, оҥхой, очур-чочур, быллаар-аҥхай (хол., суол охсуута, нэксиэтэ, очурачочура). ☉ Бугристость, неровность, ухабистость
Күһүҥҥү түүн …… хараҥатын бэйэҕит да билэр инигит. Хас силиһин, оллурун-боллурун билэр омоон суолбунан хааман дэллэрийэбин. Софр. Данилов
Доҕотторунаан кини үгүстүк төттөрү-таары сырсыакаласпыт кырдалларын оллурун-боллурун, хас ыырын-ыллыгын биэс тарбах курдук билэрэ. Далан - даҕ. суолт. Кыра тэхтирдээх, очурдаах-чочурдаах (хол., суолу этэргэ). ☉ Ухабистый, неровный (напр., о дороге)
Тайах оллур-боллур таастарга сыыһа-халты тэбинитэлээн, эрчимнээхтик илгистэн, эһэни олоҕун булларбакка өгдөҥөлөөтө. В. Протодьяконов
Ларьяна Никитична, нухарыйыах буолан иһэн, оллур-боллур сирдэр охсууларыттан сэргэхсийэн хаалла. Р. Баҕатаайыскай
Оллур-боллур суолунан, Түҥкүр-таҥкыр түһэн-тахсан, Онно-манна батыллан, Отой түүнүн тиийбиттээҕим. В. Гольдеров
Еще переводы: