Якутские буквы:

Якутский → Якутский

олорболоо

туохт.
1. поэт. Кылгастык олоро түс. Посидеть немного, некоторое время
Оҕуруо дьаҕыл тэһииниттэн Олуйа тутан баран, Оһуордаахый дэпсэҕэ Олорболоон иһээхтиир Уоллуруктуур оҕобун. С. Зверев
2. кэпс. көр олорбохтоо. Олорболоотум да кус суох
Ыалга, хааһына дьиэтигэр олорболоон баран, биэс сыллааҕыттан бэттэх бэйэтэ дьиэ туттубута. Н. Габышев

Якутский → Русский

олорболоо=

I) посидеть немного, некоторое время; 2) разг. сидеть долго, продолжительное время; олорболоотум да кус суох сидел-сидел, а уток всё нет.


Еще переводы:

дэпсэ

дэпсэ (Якутский → Якутский)

аат.
1. эргэр. Олбох, тэлгэх буолар туох эмэ (хол., талах, от, муох). Подстилка, служащая для сидения (из ветвей, сена, мха)
Бэртээхэй отуу таҕыста. Талах дэпсэ кинилэргэ сымнаҕас бэриинэни солбуйда. И. Гоголев
Ньырбачаан ытаан сыҥыргыы түһэн баран, от дэпсэтигэр умса түстэ, намчы санна дьигиҥнии сытта. Далан
Сонос тииккэ көхсүнэн өйөнөн, хойуу отон уга уорҕалаах күөгэҥнэс муох дэпсэҕэ олоро түһэр. Хомуһун хостуур. М. Ефимов
2. Ыҥыыр үрдүнэн ууруллар сукуна эбэтэр тирии бүрүө. Покрывало на седло (из сукна или меха)
«Дьэ оччоҕо омурҕаҥҥа үүттэ тутан олор. Эллэй киириитигэр», - диэн эмээхсин харалаах таас тэллэҕи, тиэрэ дэпсэни тэлгээн баран, оҕонньору онно олордор
Саха фольк. Оҕуруо дьаҕыл тэһииниттэн Олуйа тутан баран, Оһуордаахый дэпсэҕэ Олорболоон иһээхтиир Уоллууруктуур оҕобун Одуулардыы түстүм. С. Зверев
Диэрэ дэпсэ фольк. - ытыктыыр киһилэрин олордор олбох. Подстилка для сидения почетных, уважаемых людей
Күтүөттэрин тэһиин тутаннар, дьиэл аһаннар диэрэ дэпсэ үрдүгэр олоттулар. ПЭК ОНЛЯ I
Бастыҥ олох үрүҥ эһэ тириитэ, ортоку олох хара эһэ тириитэ, атах олох сур бөрө тириитэ сабыылаахтар. Кинилэр анныларыгар баттахтаах маҥан сылгы тириитэ диэрэ дэпсэлэр. Суорун Омоллоон. Тэҥн. албара, кычым