Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ордьоҕор

даҕ. Иннин диэки тахса, чорбойо сылдьар тиистээх. Выдающийся вперёд (о зубах)
Сирэйэ уҥуох-тирии төрөөн, ньөлөйөн, суптуйан, дьэ сирэй! Табыллыан быатыгар, боотурҕаабыт күтэр киэнинии килэйэ сылдьар ордьоҕор тиистээх ээ. Софр. Данилов. Ойуун туһахха иҥнибит таарбаҕан курдук ордьоҕор тииһин килэҥнэппитэ, хараҕын үрүҥүнэн-харанан көрбүтэ. Н. Лугинов
Оҕом, Ньукулай, били инники ордьоҕор тииһэ бытыгыраан көстүбүтүнэн, миэхэ сүүрэн кэллэ. А. Сыромятникова


Еще переводы:

ордьоо

ордьоо (Якутский → Якутский)

даҕ., кэпс. Ордьоҕор, иннин диэки тахса сылдьар (тиис туһунан). Выдающийся вперёд (о зубах)
Мордьо күтэр эрдийэн, Ордьоо тииһигэр түһэрэн Кэбийэн кэбигирэттэ. С. Данилов
Охсуллууттан туймаарбыт Ордьоо тиистээх моҕотой Тиллэн сиэпкэ өйдөннө, Тилигирии мөҕүстэ. Т. Сметанин
Көдьүүс суох! Куобах аата куобах! Баппаҕайын сыыһа боростуой, Ордьоо уос-тиис уобара барбах, Ол кэннэ тугунан охсуһуой? Чэчир-72

сыыйын

сыыйын (Якутский → Якутский)

сыый диэнтэн бэй
туһ. Бандьыыттыыр өрүтэ сыҥсыйан, Ордьоҕор аһыыта көһүннэ, Харытын туорута сыыйынан Бөҕөргөөн өстөрө тэһиннэ. Эрилик Эристиин
«Манна сырыттахпытына тойоҥҥут эмиэ киһи аатыттан аһарыа», — диэн айан киһитэ, сүбэлии-сүбэлии, торум курдук хара бытыгын ыырааҕын быыһынан туора-маары сыыйынна. Эрилик Эристиин

сүүрэкэлэс

сүүрэкэлэс (Якутский → Якутский)

I
сүүрэкэлээ диэнтэн холб. туһ. Кинилэр [оҕолор] ордук мэнигилииллэр, ыллыыллар, дьиэни тула сүүрэкэлэһэллэр. Амма Аччыгыйа
Биһиги тыы көрдөөн онно-манна сүүрэкэлэстибит. «ХС»
Боломуочунайдаах адъютант эмиэ сүүрэкэлэһэллэр, дьаһайсаллар. К. Симонов (тылб.)
II
даҕ. Биир сири таба көрбөт (харах туһунан). Быстро меняющий направление взгляда, бегающий (о глазах)
Бааса турар эбит. Ордьоҕор тииһэ киэр үтүрүйэн кэбиспит халыҥ уоһа тиэрэ сылластыбыт, оттомо суох сиэрэй харахтара сүүрэкэлэс буолтар. Амма Аччыгыйа
Тамара күлэн саһыгырас, хараҕа сүүрэкэлэс. У. Нуолур
Харахтара буоллаҕына сүүрэкэлэс, көрөбүн, сымыйалыыр. Л. Брежнев (тылб.)