даҕ.
1. Эриэхэ астаах, эриэхэлээх. ☉ С орехами, ореховый. Эриэхэбэй мас
2. кэпс., күл.-ооннь. Атыттартан туох эрэ уратылаах, дьиибэ (киһини этэргэ). ☉ Странный, диковинный, причудливый (о человеке)
Дьэ, эмиэ да эриэхэбэй киһигин дии. Күрүлгэн
△ Атыттартан ураты, уустук. ☉ Оригинальный, вычурный, своеобразный. Эриэхэбэй баҕайы оһуор
3. көсп. Табыгаһа суох, моһуоктаах, уустуктардаах (туох эмэ). ☉ Заключающий в себе проблему, проблемный, сложный. Эриэхэбэй дьыала. Эриэхэбэй боппуруос
◊ Эриэхэбэй хамса — эриэхэ маһыттан оҥоһуллубут хамса. ☉ Курительная трубка из орехового дерева
Кини эриэхэбэй хамсаны соппойон, күөх буруону үөһэ үрэн кэбиһэр. В. Протодьяконов
Хабырыыс сөп буола-буола эриэхэбэй хамсатыттан хойуу буруону оборон ыла-ыла, аргыый үөһэ үрэн унаарытар. С. Никифоров
Өтөөкү Өлөксөй эриэхэбэй хамсатыгар чаркааскай табаҕы толору уурунан баран тарда сытара. И. Бочкарёв