туохт.
1. Оҕото төрөт (дьахтары этэргэ). ☉ Родить (о женщине)
Инньэ гынан аны оҕолонорум эрэ хаалла. А. Софронов
Оҕоломмут дьахтар аһыан баҕарбытын булан биэрбэтэххэ, үүтэ тардар диэн кырдьаҕастар кэпсииллэрэ. Н. Якутскай
Дуня сотору оҕолонуохтааҕын дьонтон эрэ барытыттан кистиир. А. Фёдоров
2. кэпс. Оҕолоох буол (ыалы этэргэ). ☉ Иметь, заводить ребёнка, детей (о семье)
Өлөксөй икки кэргэнтэн уон оҕоломмут. Суорун Омоллоон
Нөҥүө сылыгар уол оҕоломмуттара. Н. Якутскай
Билиҥҥи олох долгунугар оҕустаран, саха ыала элбэх оҕоломмот буолла. Софр. Данилов
Якутский → Якутский
оҕолон
оҕолон-уруулан
туохт. Элбэх оҕото төрөт, элбэх оҕолон. ☉ Быть, стать многодетным, заводить детей
«Бэйэбит эрэ тойон-хотун буолан, оҕолонон-урууланан, көҥүлбүтүнэн көччүйүөхпүт буоллаҕа дии», — диир хаххан саҥата. Суорун Омоллоон
Бүөтүрэ сэриигэ баран өлбөтөҕө буоллар, Марыына син эмиэ атын дьон курдук оҕолонуо-урууланыа этэ. В. Иванов
Якутский → Русский
оҕолон=
1) иметь детей; 2) рожать, родить (о женщине).
Еще переводы: