I разг. папа.
II папа (католиктар тиҥараларын дьиэтин үрдүкү баһылыга); Рим паапата или римскэй паапа папа римский, римский папа.
Якутский → Русский
паапа
Якутский → Якутский
паапа
I
кэпс., аҕа диэн курдук (үксүгэр оҕо, ыччат, улахан дьон оҕолуун кэпсэтиигэ тут-лар). ☉ То же, что отец (обычно употр. при разговоре с детьми), папа
Паапа, мин билэбин, мин баран көрөн кэлбитим уонна маамабар эппитим …… Паапа, аа, паапа, мин барсыам. Софр. Данилов
Хайа, Валя, паапаҥ оттон маладьыас эбит дии, муостатын харбыыр. Паапаҥ дьиэтигэр өссө тугу үлэлиирий? Багдарыын Сүлбэ
II
аат. Католическай таҥара дьиэтин уонна Ватикан муҥур баһылыга. ☉ Папа (Римский)
Дантэ айымньытыгар айыыны-хараны оҥорбут паапа атаҕа эрэ быгар гына төбөтүнэн буорга батары сааллыбыта ойууланар. ФЕВ УТУ
Тигээйи [киһи аата] саҥа паапаҕа уонна кини бары хос хоолдьугаларыгар, ордук Монтанеллига суостаахтык үрдүлэригэр түһүүнэн хоруйдаата. Э. Войнич (тылб.)
Аны билигин дьыала паапаҕа тиийдэ, Бонапарт католическай эрэлиигийэ баһылыгын сирэйэ-хараҕа суох суулларыан баҕарар, онуоха ким да тыл көтөхпөт. Л. Толстой (тылб.)
Еще переводы: