I
туохт., кэпс. Утат, утатан бэлэһиҥ хат, куур. ☉ Испытывать жажду, пересохнуть в горле от жажды
Мин, айан киһитэ, бу куйааска дэлби кэҥсэйдим, утахта иһэрдиҥ. МНН
Айан киһитэ сылайан, кэҥсэйэн биир туруору балаҕаннаах ыалга киирэн кэлбитэ, суос-соҕотох огдообо эмээхсин олорор эбит. Саха сэһ. II
Кэҥсэйбит атыылаһааччы, күүгэнин үрээт, [кыбааһы] ис да ис буолар. В. Катаев (тылб.)
II
туохт., түөлбэ. Хаахтый. ☉ Пригорать
Үүт кэҥсэйбит. Быһаҕас күөс кэҥсэйэр. ПЭК СЯЯ
III
көр кэҥсэр
Бу эһиги, Дьулурҕа ийэ уустара кэҥсэйэҥҥит, дьулуруһаҥҥыт биһиги уһаайбабыт анныгар кэлэн солуу тураҕыт. Күндэ