аат. Тугу эмэ (хол., кэлиигэ бурдук куолаһын) кэбэн үлтү сынньарга туттуллар аллараа өттүнэн суон сүллүгэс мас. ☉ Пест
Биирдии соломону куоластаан быһыта тардан ылан, кэлиигэ симэн, соҕоҕунан сынньаллара. Г. Колесов
Аттаах киһи бурдугу хааһахтарыгар симэ-симэ, соҕоҕунан таас курдук ыга симпит. Н. Заболоцкай
♦ Кэлии да соҕох көр кэлии I
Дьэ ол курдук биһиги аҕабыт, төрүт да өһөс муҥутаан, ууга киирбэтэх оҕус курдук кэлии да соҕох буолбута. Н. Заболоцкай