Якутские буквы:

Русский → Якутский

платный

прил
харчылаах, төлөбүрдээх

платный

прил. 1. (подлежащий оплате) төлөбүрдээх, харчылаах, атыылаах; платный проезд борогуоннаах айан; 2. (оплачиваемый) хамнастаах; платная должность хамнастаах дуоһунас.


Еще переводы:

төлөбүрдээх

төлөбүрдээх (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Төһө эмэ төлөнөрдөөх, сыаналаах, төһө эрэ харчыга турар. Оплачиваемый, платный
Үлэм ыарахан, түбүктээх буоллаҕа дии, ол иһин үрдүк төлөбүрдээх этэ. КФА СБ
Эһиил оскуолатын бүтэриэхтээх Кристина үөрэх төлөбүрдээх буолбутуттан сүөм түһэр. «Чолбон»
Уопсастыба бүттүүнэ биир тэҥ үлэлээх уонна биир тэҥ төлөбүрдээх биир хонтуора уонна биир баабырыка буолуоҕа. В. Ленин (тылб.)
2. Туохха эмэ харда быһыытынан оҥоһуллар, хардалаах. Имеющий оплату, отдачу
[Дуолан Хара:] Үчүгэй төлөбүрдээх, куһаҕан иэстэбиллээх. И. Гоголев
Бу харах уута, тохтубут хара хаан, тыыннаах тулаайахтар аһыылара, сордоро-муҥнара мээнэ хаалыа суоҕа, иэстэбиллээх, төлөбүрдээх буолуоҕа. В. Иванов
Уруок …… матырыйаала оҕо толкуйун тобулардыы төһө дакаастабыллаахтык, утумнаахтык, түмүктээхтик бэриллэр да, соччонон төттөрү төлөбүрдээх (өйдөнүмтүө) буолуон сөп. СОТТҮө
Төлөбүрдээх уоппуска — үлэлиир тэрилтэҥ төлүүр уоппуската. Оплачиваемый отпуск. Төлөбүрдээх уоппуска тэрилтэҕэ алта ый быыстала суох үлэлээбит кэнниттэн бэриллэр
Сокуон көмүскэлинэн, хат дьахталларга уонна ийэлэргэ төлөбүрдээх уоппускалары уо
д. а. чэпчэтиилэри биэриини …… киллэрэн туран, ийэҕэ уонна оҕоҕо материальнай уонна моральнай өйөбүлү оҥоруунан хааччыйыллар. САССРК. Төлөбүрдээх үөрэх — харчы төлөөн үөрэнэр үөрэх. Платное образование
Төлөбүрдээх үөрэх, истипиэндьийэ сотуллубута сорох-сороххо күүтүллүбэтэх өттүттэн охсуулаах буолла. Н. Габышев