Якутские буквы:

Русский → Якутский

плешивый

прил. тараҕай.


Еще переводы:

тараҕай

тараҕай (Якутский → Русский)

плешивый || плешь; тараҕай киһи плешивый человек; талан-талан тараҕайга табыллыаҥ погов. будешь привередничать, плешивый достанется (говорили разборчивой невесте).

халчархай

халчархай (Якутский → Якутский)

даҕ. Түүтэ, баттаҕа суох, тараҕайданан эрэр. Безволосый, плешивый, облысевший
Куриль үрүҥ паарынан өрүкүйэн тахсыбыт халчархай баһын сибэкки ойуулаах тэрэпиискэнэн соттон кээстэ. С. Курилов (тылб.)
Аттара буоллаҕына, ханнык эрэ халчархай кулгаахтаах, кугас ат этэ. М. Горькай (тылб.)

малааннаах

малааннаах (Якутский → Якутский)

даҕ. Кэтит ураанньыктаах (сылгы дьүһүнүгэр). Имеющий белое пятно или белую полоску на лбу (о масти лошади)
Сүүһүгэр м алааннаах суор хара ат.  [Сылгы] Тараахтаахый туйахтаах, Баһырҕастаах атах таах, Малааннаах сырайдаах, Кунус тардаах сиэллэрдээх …… Бэрбээкэйдээх бэрдэ дьэ. С. Зверев
ср. монг., бур. малаан ‘лысый, плешивый’

мэлдьэн

мэлдьэн (Якутский → Якутский)

аат. Киһи сүүһүн икки өттүнэн салгыы өрө өтөн киирэр ыыраах курдук тараҕай. Залысина
[Уол] мэлдьэннээх чабырҕайыгар, томтоҕор кэҥэриитигэр күөх тымырдара күүрэн тахсыбыттара. Л. Попов
Манчаары Баһылай маҥан баттахтаах, төбөтүн оройу гар диэри мэлдьэннээх …… эбитэ үһү. МНН
ср. монг. мэлзэн ‘лысый, плешивый’

халчаҕай

халчаҕай (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Тараҕайданан эрэр. Облысевший, лысеющий. Халчаҕай төбөлөөх оҕонньор
2. Кэтит, ньылаҕар (сүүс). Широкий, покатый (лоб)
Сэмэн Макарович, халчаҕай сүүстээх төрөл киһи, уонна Көнтөөсөп киирэн кэллилэр. Э. Соколов
Халчаҕай үрдүк сүүстээх оҕонньор …… арааһы эргитэн бөлөһүөктүүрэ. «Чолбон»
3. көсп. Ото-маһа суох (мыраан, хайа). Без растительности, лысый (о горе, холме)
Кыһыҥҥы дьыбары чуучугураан Кыракый уолчаан дабайарбын Сыырдар халчаҕай сүүстэрэ Үчүгэйдик өйдүүргэ дылылар. Эрчимэн
Сир-дойду халчаҕай эбитэ үһү. Д. Апросимов
Тиит [киһи аата] мыраан халчаҕай сирэйин уонна Элиэнэ эбэ тоҥон сытар маҥан ньуурун эргиччи көрө олордо. «ХС»
ср. тув. калчах ‘плешивый’, бур. халсархай ‘плешь’

халтаҥ

халтаҥ (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Иһинэн халыҥатыыта суох, иһэ суох, чараас (хол., таҥнар таҥас). Без утепления, тёплой подкладки, тонкий (напр., об одежде)
Буурҕалаах тымныы күн халтаҥ таҥастаах хатыҥыр эдэр киһи тиэтэйэн хааман иһэрэ. Софр. Данилов
«Бэ-э эрэ!» — халтаҥ арбаҕастаах киһи түргэн-түргэнник хабдьыгыраан барар. Н. Якутскай
Махсыын эрэйдээх суут иннигэр халтаҥ купаайкатын тэллэҕэ илибирии тураахтаата. А. Бэрияк
2. Көбө суох, убаҕас түүлээх. С негустым мехом. Солоҥдо түүтэ халтаҥ
Бэстэртэн бэстэргэ халтаҥ тииҥ ойуолуур. Л. Попов
3. Тараҕай, халчаҕай. Имеющий лысину, лысый
«Ким уоттаабыт сорой?» — Тараҕай Яков халтаҥ төбөтүн тарбанна. М. Доҕордуурап
Ытыһынан халтаҥ төбөтүн имэриммэхтиир. «ХС»
4. Баттаҕа суох, үүнэ илик (оҕону этэргэ). Без волос (о ребёнке), с лысиной
«Хайа, бу киһи кэлбит эбит дуу?» — сиэнин халтаҥ төбөтүн имэрийбитэ. Далан
Сиэнин халтаҥ төбөтүттэн имэрийбитэ, сыллаан ылбыта. «ХС»
5. Таҥаһа суох, сыгынньах. Без одежды, голый, нагой. Муот киһи муҥа суох, халтаҥ киһи хабаана суох (өс хоһ.)
6. Ото-маһа, үүнээйитэ суох эбэтэр мөлтөх үүнээйилээх. С мелкой растительностью или лишённый растительности, голый
Халтаҥ да буоллар — дойдум буоллаҕа (өс хоһ.). Эмиэ хаарбыт хараарда, Халтаҥ сирбит таҕыста. Күннүк Уурастыырап
Сүөһүбүт халдьаайылар халтаҥ буордарыгар онон-манан абыр-табыр үүммүт тимир эрбэһиннэри кирэ сатыы сылдьаллар. Амма Аччыгыйа
Тула өттө барыта сыгынньах, халтаҥ сир. Н. Заболоцкай
Халыҥа суох, чараас (хаары этэргэ). Со скудными осадками, неглубокий (о снеге). Кыһын хаар олус халтаҥ буоллаҕына, үгэс курдук ол дьыл тымныы кыһын буолар. «Саха с.»
Халтаҥ сон — саас, күһүн кэтиллэр чараас сон. Демисезонное пальто
[Коля] эҥээрдэринэн илдьирийбит халтаҥ сонун ыйаан баран, кыбылла-кыбылла биллэриккэ киирэн олордо. Эрилик Эристиин
Борокуоппай …… элбэх сиринэн тааппарай абырахтаах халтаҥ сонун кэтэр. А. Бэрияк
Киһибит сэлээппэтин, халтаҥ сонун үөһэ түстэ, күлүгэ хоһу тула элэҥнээтэ. Н. Габышев
Халтаҥ таас — тараҕай таас диэн курдук (көр таас I). Көрдүҥ дуо халтаҥ таас хайаны? И. Артамонов
Харах дала ыларын тухары халтаҥ таас, кумах үрдэллэрдээх хонуу бара турар. Умнуллубат к.
ср. монг., тюрк., маньчж. халзан, калдьан ‘лысина, залысина; лысый, плешивый’