Якутские буквы:

Якутский → Русский

халчаҕай

1) широкий покатый лоб; халчаҕай киһи человек с широким покатым лбом; халчаҕай сүеһү животное с белой косой полосой на морде; 2) диал. лысый (о человеке).

Якутский → Якутский

халчаҕай

даҕ.
1. Тараҕайданан эрэр. Облысевший, лысеющий. Халчаҕай төбөлөөх оҕонньор
2. Кэтит, ньылаҕар (сүүс). Широкий, покатый (лоб)
Сэмэн Макарович, халчаҕай сүүстээх төрөл киһи, уонна Көнтөөсөп киирэн кэллилэр. Э. Соколов
Халчаҕай үрдүк сүүстээх оҕонньор …… арааһы эргитэн бөлөһүөктүүрэ. «Чолбон»
3. көсп. Ото-маһа суох (мыраан, хайа). Без растительности, лысый (о горе, холме)
Кыһыҥҥы дьыбары чуучугураан Кыракый уолчаан дабайарбын Сыырдар халчаҕай сүүстэрэ Үчүгэйдик өйдүүргэ дылылар. Эрчимэн
Сир-дойду халчаҕай эбитэ үһү. Д. Апросимов
Тиит [киһи аата] мыраан халчаҕай сирэйин уонна Элиэнэ эбэ тоҥон сытар маҥан ньуурун эргиччи көрө олордо. «ХС»
ср. тув. калчах ‘плешивый’, бур. халсархай ‘плешь’


Еще переводы:

килэриҥнээ

килэриҥнээ (Якутский → Якутский)

килэрий диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Уолчаан …… күн уотугар көхсө килэриҥниирэ. С. Руфов
Мундарбек күн уотугар харааччы сиэппит сирэйэ килэриҥниир. Эрилик Эристиин
[Байбал Балаанап] халчаҕай оройо дьон быыһынан элбэхтик килэриҥнээтэ. И. Сысолятин

өһөччү

өһөччү (Якутский → Якутский)

өһөччү көр — өһөстүк, өһүөннээхтик, дьэбидиччи көр. Смотреть упрямо, мрачно, злобно
Егор Михайлович үрдүк уҥуохтаах, өһөччү соҕус көрбүт түҥнэстигэс харахтаах, кыраттан даҕаны салыбырыар диэри кыыһырар, быһымах киһи. Н. Босиков
Дьэгин халчаҕай сүүһүн ытыһын тилэҕинэн өрө имэриммэхтээтэ, кэргэнин диэки өһөччү көрөн олордо. И. Никифоров
Далбыыйап сөбүлээбэккэ иэдэс биэртэлээтэ, дьэбиннээҕинэн өһөччү көрдө. В. Титов

хаччаҕай

хаччаҕай (Якутский → Якутский)

көр халчаҕай
Маттаҥаа, хаччаҕай сүүһүн өтөр-өтөр ытыһынан имэринэ-имэринэ, быар куустан лэкэллэн олордо. И. Гоголев
Байкаалап …… хаартаҕа нөрүйбүтүгэр, хаччаҕай төбөтө лаампа уотугар килбэлдьийэн ылла. Е. Неймохов
Хаччаҕай, тараҕай хайалар Халлааҥҥа анньыллан тураллар. Болот Боотур
Күн санньыйыыта Кыһалҕа, атыыр оҕус сүүһүн курдук, хаччаҕай булгунньах дьогдьууругар соҕотоҕун суодаллан турар аарыма тиити түбэһэ хаамта. И. Гоголев

халтаҥ

халтаҥ (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Иһинэн халыҥатыыта суох, иһэ суох, чараас (хол., таҥнар таҥас). Без утепления, тёплой подкладки, тонкий (напр., об одежде)
Буурҕалаах тымныы күн халтаҥ таҥастаах хатыҥыр эдэр киһи тиэтэйэн хааман иһэрэ. Софр. Данилов
«Бэ-э эрэ!» — халтаҥ арбаҕастаах киһи түргэн-түргэнник хабдьыгыраан барар. Н. Якутскай
Махсыын эрэйдээх суут иннигэр халтаҥ купаайкатын тэллэҕэ илибирии тураахтаата. А. Бэрияк
2. Көбө суох, убаҕас түүлээх. С негустым мехом. Солоҥдо түүтэ халтаҥ
Бэстэртэн бэстэргэ халтаҥ тииҥ ойуолуур. Л. Попов
3. Тараҕай, халчаҕай. Имеющий лысину, лысый
«Ким уоттаабыт сорой?» — Тараҕай Яков халтаҥ төбөтүн тарбанна. М. Доҕордуурап
Ытыһынан халтаҥ төбөтүн имэриммэхтиир. «ХС»
4. Баттаҕа суох, үүнэ илик (оҕону этэргэ). Без волос (о ребёнке), с лысиной
«Хайа, бу киһи кэлбит эбит дуу?» — сиэнин халтаҥ төбөтүн имэрийбитэ. Далан
Сиэнин халтаҥ төбөтүттэн имэрийбитэ, сыллаан ылбыта. «ХС»
5. Таҥаһа суох, сыгынньах. Без одежды, голый, нагой. Муот киһи муҥа суох, халтаҥ киһи хабаана суох (өс хоһ.)
6. Ото-маһа, үүнээйитэ суох эбэтэр мөлтөх үүнээйилээх. С мелкой растительностью или лишённый растительности, голый
Халтаҥ да буоллар — дойдум буоллаҕа (өс хоһ.). Эмиэ хаарбыт хараарда, Халтаҥ сирбит таҕыста. Күннүк Уурастыырап
Сүөһүбүт халдьаайылар халтаҥ буордарыгар онон-манан абыр-табыр үүммүт тимир эрбэһиннэри кирэ сатыы сылдьаллар. Амма Аччыгыйа
Тула өттө барыта сыгынньах, халтаҥ сир. Н. Заболоцкай
Халыҥа суох, чараас (хаары этэргэ). Со скудными осадками, неглубокий (о снеге). Кыһын хаар олус халтаҥ буоллаҕына, үгэс курдук ол дьыл тымныы кыһын буолар. «Саха с.»
Халтаҥ сон — саас, күһүн кэтиллэр чараас сон. Демисезонное пальто
[Коля] эҥээрдэринэн илдьирийбит халтаҥ сонун ыйаан баран, кыбылла-кыбылла биллэриккэ киирэн олордо. Эрилик Эристиин
Борокуоппай …… элбэх сиринэн тааппарай абырахтаах халтаҥ сонун кэтэр. А. Бэрияк
Киһибит сэлээппэтин, халтаҥ сонун үөһэ түстэ, күлүгэ хоһу тула элэҥнээтэ. Н. Габышев
Халтаҥ таас — тараҕай таас диэн курдук (көр таас I). Көрдүҥ дуо халтаҥ таас хайаны? И. Артамонов
Харах дала ыларын тухары халтаҥ таас, кумах үрдэллэрдээх хонуу бара турар. Умнуллубат к.
ср. монг., тюрк., маньчж. халзан, калдьан ‘лысина, залысина; лысый, плешивый’