сыһ. Ыйааһыннаахтык аллара диэки түһэр гына (ыйаа, тут). ☉ Так, чтобы что-л. грузно повисло на чём-л., обвисло (подвесить, держать)
[Дьахтар] түөрт улахан бааҥка оҕурсу кэнсиэрбэтэ түҥ-таҥ угуллубут сиэккэтин уҥа илиитигэр тэйгэччи туппут. Н. Габышев
Харыйа модьу мутуктарыгар ыга симиилээх хааһахтар тэйгэччи ыйаммыттар. В. Протодьяконов
Хайыһардарын устан күрдьүккэ урукку үүттэргэ туруору анньыталаата, сүгэһэрин устан тиит мутугар тэйгэччи ыйаата. «Кыым»