м. дьиҥ бэйэтэ, дьиҥнээҕэ; представить документы в подлиннике докумуоннары дьиҥ бэйэлэрин түһэртээ.
Русский → Якутский
подлинник
Еще переводы:
оригинал (Русский → Якутский)
м. 1. (подлинник) оригинал, дьиҥнээҕэ; оригинал статьи ыстатыйа оригинала; 2. разг. (чудак) дьиибэ киһи, муода киһи.
сличать (Русский → Якутский)
несов., сличить сов. что тэҥнээн көр, тэҥнии аах; сличить копию с подлинником куоппуйаны дьиҥнээҕин кытта тэҥнээн көр.
тэҥнээ= (Якутский → Русский)
1) выравнивать, подравнивать; суолу тэҥнээ = выровнять дорогу; 2) сравнивать, сличать, сверять, сопоставлять; тылы тылга тэҥнээ сравни одно слово с другим; туоһулар көрдөрүүлэрин тэҥнээ = сопоставить показания свидетелей; боротокуол куоппуйатын дьиҥнээҕин кытта тэҥнээ = сличить копию протокола с подлинником # атаххын тэҥнээ = протянуть ноги (умереть).
дьиҥнээх (Якутский → Якутский)
- даҕ.
- Чахчы, чахчы баар (сымыйа буолбатах). ☉ Настоящий, реальный, подлинный
Биһиги сөмөлүөттэрбит үс-түөрт эрэ дьиҥнээх буомбалары бырахпыттара, онтон уратытын - эһиннэҕинэ киһини өлөрбөт, тыас эрэ таһаарар, буомбалары быраҕаттаабыттара. Т. Сметанин
Мин санаабар, баайдар бас билэр сирдэригэр дьиҥнээх мээрэйи ыытар буоллар, аҥаарынан эбиллэн тахсыа этэ. М. Доҕордуурап
Ыалдьыкка кыһамньы уонна кинини кытта сэһэргэһии - ити барыта дьиэлээхтэргэ дьиҥнээх бырааһынньык курдук көстөр. И. Данилов - Айылҕа биэрбитинэн сылдьар, оҥоһуу (искусственнай) буолбатах. ☉ Натуральный, естественный (природного происхождения), не искусственный
Дьиҥнээх солко. Дьиҥнээх кээмэйинэн оҥоһуллубут мэтириэт. Дьиҥнээх тиистэрэ түспүттэрэ өр буолла, билигин тэбис-тэҥ кэчигирэспит оҥоһуу тиистэрдээх. «ХС» - Ис иһиттэн, ис сүрэҕиттэн кыһаллар-мүһэллэр, тус дьыалатыгар бэриниилээх. ☉ Самый настоящий, истинный, верный, преданный своему делу
Дьиҥнээх сэбиэскэй киһи хаһан да дьон ортотугар, үлэ үөһүгэр буолааччы. Суорун Омоллоон
Дьиҥнээх булчут булдун кырыһыттан быһа хаһан да өлөрбөт, - инникитин толкуйдаан бултуур. Далан
Дьиҥнээх учуонай диэн хайдах эмэ гынан [научнай үлэтигэр] ордук бириэмэ босхолонорун туһугар кыһалла сылдьыахтаах киһи буоллаҕа. В. Яковлев - Олоххо чахчы баар. ☉ Реальный, действительный
Дьиҥнээх хамнас. Дьиҥнээх күүс. 1970 сыллаахха, 1913 сылы кытта тэҥнээтэххэ бырамыысылыннас уонна тутуу оробуочайдарын дьиҥнээх дохуоттара аҕыс төгүл …… улааппыта. И. Аргунов - аат суолт.
- Чахчы, саамай кырдьыктааҕа, хайдах баара. ☉ Реальность, действительность, сущая правда, истинность
Киһи урут дьиссипилиинэ дьиҥнээҕэ аармыйаҕа эрэ баар диэн саныыра. Амма Аччыгыйа
Дьиҥнээҕэ хайдах буолбутун билээри истибит дьонтон туоһуластылар. Н. Лугинов - Бэйэ эт илиитинэн оҥорбут, суруйбут үлэтэ, экземпляра (куоппуйа буолбатах). ☉ Оригинал, подлинник
Пааматынньык дьиҥнээҕэ. «Сурук» дьиҥнээҕэ (оригинал) эрэ көстүбүтэ. «ХС»
◊ Дьиҥнээх <байыаннай> сулууспа - анал байыаннай чаастарга ыҥырыллан, чопчу кэмҥэ баран сулууспалыыр сокуонунан олохтоммут эбээһинэс, байыаннай сулууспа. ☉ Действительная военная служба
ССРС Министрдэрин Сэбиэтэ бэйэтин боломуочуйатын иһинэн: «Дьиҥнээх байыаннай сулууспаҕа сыл ахсын ыҥырыллыахтаах гражданнар контингеннарын быһаарар». ССРС К
Сэрии саҕаланан, бары сулууспалыах тустаах буолбуттарыгар, кини [кинээс Андрей] дьиҥнээх сулууспаҕа барымаары, аҕатын салалтатынан ополчениены хомуйар дуоһунаска киирбитэ. Л. Толстой (тылб.). Дьиҥнээх чилиэн - сорох научнай тэрилтэлэр, обществолар чилиэннэрин бочуоттаах аата. ☉ Действительный член (почетное звание члена некоторых научных учреждений, академий и т. п.). Наукалар академияларын дьиҥнээх чилиэнэ