туохт.
1. Ким эмэ балаһыанньатыгар киирэн кинини өйдүү сатаа. ☉ Постараться понять кого-л., войти в чьё-л. положение
Эдэр киһи чаастатык биричиинэтэ суох үөһэ тыынар, киһи саҥатын өйдөөн-дьүүллээн истибэт. Н. Лугинов
2. Тойонноо, толкуйдаа. ☉ Рассуждать, обдумывать
Үс күөс быстыҥа буолан баран, өйдөнөн-төйдөнөн, өйдөөн-дьүүллээн көрбүтэ. П. Ойуунускай
Сааһыран иһэн тулабын Өйдөөн-дьүүллээн көрүммүтүм. С. Данилов
Олорон эрэн, дьэ өйдөөн-дьүүллээн кэриччи көрдө. Дьүөгэ Ааныстыырап