Якутские буквы:

Русский → Якутский

похвальный

прил
хайҕаллаах

похвальный

прил. 1. (заслуживающий похвалы) хайҕаллаах, хайгыахха сөптөөх; похвальное стремление хайҕаллаах дьулуһуу; 2. (содержащий похвалу) хайҕаллаах,хайгыыр, хайҕал; похвальная грамота хайҕал грамо-тата.


Еще переводы:

лист

лист (Русский → Якутский)

м. 1. сэбирдэх; сухие листья хаппыт сэбирдэхтэр; 2. (бумаги, металла и т. п.) лиис; лист из тетради тэтэрээт лииһэ; лист железа тимир лииһэ; 3. (документ) лиис, сурук; похвальный лист хайҕал лииһэ; подписной лист сурутуу лииһэ; # авторский лист авторскай лиис.

хайҕаллаах

хайҕаллаах (Якутский → Якутский)

даҕ. Хайҕанар, биһирэнэр. ☉ Достойный похвалы, похвальный, хвалимый
Хайҕаллаах бу сири буланнар Хатыҥнар чараҥнаан үүммүттэр. Р. Баҕатаайыскай
[Өксүөн:] Миэхэ арсыын таҥаһынан бириэмийэ биэрбиттэрэ хайҕаллаах. И. Никифоров
Валерий хайыы үйэ хайҕаллаах дьыаланы аҕыйаҕа суоҕу оҥордо. «Кыым»

хайҕал

хайҕал (Якутский → Якутский)

аат. Ким, туох эмэ үчүгэйин туһунан этии, сөбүлүүрү, сөҕөрү, биһириири биллэрии. ☉ Хороший отзыв о ком-чём-л., похвала, одобрение
Хайҕалтан санаата күүһүрэн, Микиитэ аны Пушкин «Кыһыҥҥы киэһэтин» аахта. Амма Аччыгыйа
Мөҕүллэн да көрөрбүт кини биһикки, Хайҕалы да истэрбит эмиэ иккиэн. С. Данилов
Баһылайка хайҕалы истэн, сирэйэ-хараҕа сырдыы түспүтэ. В. Гаврильева
◊ Хайҕал лиис — туйгун үөрэх, бэрээдэктээх буолуу иһин үөрэнээччини наҕараадалыыр сурук. ☉ Похвальный лист
Чооруона төрдүс кылааһы хайҕал лиистээх бүтэрдэ. У. Нуолур
Биэчэргэ Тиэхээскэ уонна атын хас да оҕоҕо хайҕал лииһи туттардылар. Н. Босиков
Оскуолаҕа араас элбэх докумуон, таабыл, хайҕал лиис, ситии-хотуу аттестаттарын куопуйалара бааллар. «ХС»