аат.
1. Туохтан эмэ көмүскэл, күлүк буолар туох эмэ, көмүскэнэр, саһар сир (хол., тымныыттан, тыалтан, ардахтан). ☉ Укрытие, убежище (напр., от мороза, ненастья)
Алдьаммыт остуол, түгэҕэ суох уһаат, арааһынай бөх-сыыс дьиэ үрдүгэр кыстаммыта булчуттарга үчүгэй хахха буолла. Т. Сметанин
Кэриигэ хатыҥнар, үөттэр хаххаларыгар сөрүүн. И. Данилов
Хаххата, уйата суох Хаһан да көтөр ууһаабат. С. Руфов
2. көсп. Ким эмэ көмүскэлэ, харысхала. ☉ Защита, заслон, прибежище для кого-л. [Манчаары:] Үөскүүр ыччаппын Үчүгэйдик санаар, Өйүү-убуу сылдьаар, Хаалынньаҥнарбар хахха буолаар. А. Софронов
Кинилэр ыар батталларыттан саха дьадаҥылара политическай сыылынайдары хахха оҥостоллоро. «ХС»
Хаарыан киһини түһэн биэрэн уһултардахпыт. Каган хаххатыгар хорҕойон олорбуппут ааста. «ХС»
♦ <Халыҥ хахха>, суон дурда буол көр халыҥ
Суон сүлдьүгэс буолаары, Халыҥ хахха буолаары, Улуу дойдум иннигэр Буойун буола барабын. С. Зверев
Олоҥхоҕо …… айыы аймаҕар суон дурда, халыҥ хахха буолар улуу бухатыыра «биһиги киһибит» диэн ааттыыр саха норуота. Амма Аччыгыйа
Уол оҕо бар дьонун иннигэр суон дурда, халыҥ хахха буолар дьылҕалаах. Н. Якутскай
др.-тюрк., тюрк. халха, халҕан