аат. Судаарыстыбаҕа куттал суох буолуутун, общественнай бэрээдэги хааччыйар аналлаах дьаһайар уорган, онно үлэлиир, сулууспалыыр дьон (хомуур өйдөбүл). ☉ Полиция
Ити мин кэргэним быраата тэлэгирээпкэ үлэлиир. Эйигин хаайар туһунан кистэлэҥ тэлэгирээмэ пэлииссийэттэн кэлбит. М. Доҕордуурап
Кинилэр [Неустроев, Чернышевскай] өртөн ыла билсиһэллэрэ: куорат иһигэр, остуруок аттыгар тохтоон кэпсэтэбит диэн пэлииссийэттэн хаста да сэрэтии, сэмэ ылан тураллар. П. Филиппов
Куорат пэлииссийэтэ Манчаарыны булан, тутан ылан, хаайан кэбиспит. МНН
Якутский → Якутский
пэлииссийэ
Еще переводы: