прил. 1. (трудоспособный) үлэлиир дьоҕурдаах, үлэлиир кыахтаах; 2. (способный много работать) үлэһит, үлэҕэ дьоҕурдаах.
Русский → Якутский
работоспособный
Еще переводы:
үлэһит (Якутский → Русский)
- 1) рабочий; эдэр үлэһит молодой рабочий; 2) работник, сотрудник; партийнай үлэһит партийный работник; научнай улэһит научный сотрудник; 2. 1) работящий; работяга; 2) работоспособный, трудоспособный; үлэһит киһи работоспособный человек; 3) трудовой, трудящийся; үлэһит норуот трудовой народ # хара үлэһит чернорабочий; үрүҥ үлэһит служащий; үлэһит илии рабочая сила.
кыайыгас (Якутский → Якутский)
даҕ. Үлэни-хамнаһы тулуппат, хотуулаах, хоһуун. ☉ Легко справляющийся с любой работой, работоспособный, умелый в работе, успешный в делах
Кымырдаҕас курдук ылыммыт дьыалатыгар бэриниилээх, кыайыгас, сүрэхтээх үлэһит аҕыйах. И. Сосин
Кини бэйэтин нэһилиэгэр бастыҥ от охсооччу, эрдэһит, сылайары билбэт кыайыгас үлэһит быһыытынан биллибитэ. «ЭК»
Сомсуун тугу гынар да, барытыгар дьулурҕа итиэннэ кыайыгас үлэһитинэн биллэр. «ХС»
үлэһит (Якутский → Якутский)
- аат.
- Үлэлиир киһи. ☉ Трудящийся, работник
Өлөрүҥ, үрүҥнэр, өлөрүҥ миигин Үлэһит дьыалатын иннигэр. С. Данилов
Кырдьык, мин туох үлэһит буолабыный? Софр. Данилов
Марья Романовна улахан наадалаах үлэһит. С. Ефремов - Үлэ биир ханнык эмэ чопчу салаатыгар үлэлиир, сулууспалыыр киһи. ☉ Человек, работающий в какой-л. сфере трудовой деятельности, сотрудник, работник. Научнай үлэһит. Култуура үлэһитэ. Собуот үлэһитэ
□ Хаҥас өттүбэр — суоппарбыт, уҥабар — аргыһым Николай Спиридонович, бу дойду олохтооҕо, оскуола үлэһитэ. Н. Заболоцкай
Биһиги эрэдээксийэбит үлэһиттэрэ сүнньүнэн бэйэлэрин үлэлэрин билэр дьоннор диэххэ сөп. С. Никифоров - даҕ. суолт. Сүрэхтээх, үлэлииртэн сүрэҕэлдьээбэт, үлэлиир кыахтаах, дьоҕурдаах. ☉ Работоспособный, трудоспособный, усердный
Дьэ, үлэһит, сүрэхтээх дьон эбит, доҕор! Суорун Омоллоон
Аҕатын курдук, олус сүрэхтээх үлэһит уол. Софр. Данилов
Мин үлэлиирбин көрө-көрө аҕам үөрэрэ: «Оҕом улааттаҕына, үлэһит киһи буолсу!» — диирэ. М. Попов
◊ Үлэһит илии — үлэлиир толору кыахтаах, доруобай, үлэлиир сааһын ааһа илик эдэр киһи. ☉ Рабочая сила
Саас үлэһит илии тиийбэт буолан, устудьуоннары чугас холкуостарга таһааран ыһыыга үлэлэппиттэрэ. Н. Заболоцкай
Аармыйаҕа ыҥырыы кэнниттэн холкуоска үлэһит илии быста аҕыйаабыта. В. Протодьяконов
Таба ыстаадатыгар үлэһит илии тиийбэтин туһунан уруккуттан истэрим. «ХС». Хара үлэһит — чопчу идэни баһылаабатах, үксүгэр ыарахан, кирдээх, сүгэр-көтөҕөр үлэни толорор үлэһит. ☉ Чернорабочий
Эн хара үлэһиккин, Кинилэр интэлигиэннэр, Намтатыма бэйэҕин, Эйиэхэ баар бочуоттаах чэр. И. Гоголев
Син биир хара үлэһит буолар киһиэхэ аҕыс да кылаас үөрэх сөп буолбат дуо? Н. Лугинов
[Семёнов:] Алмаас баар сирин була иликпит. Онтон сылтаан хара үлэһиттэр уурайарга тыл көтөҕөн эрэллэр. Н. Туобулаахап