даҕ.
1. Киһини сөхтөрөр элбэх, улахан. ☉ Огромный, громадный
Омуннаах бу олоҥхо дойдутугар Үөрэхтээх да өтөрү көрбөтөх, Билээччи да билбэтэх Баһархай тутуу барҕарыаҕа, Балысхан быйаҥ таһыллыаҕа. С. Зверев
Сотору өстөөх тааҥкалара умайан балысхан уотунан өрө күлүбүрээбиттэрэ, киһи уҥуоҕун курдук, күлүгүрэн туран хаалбыттара. М. Доҕордуурап
Уол хоту дойду тыйыс айылҕатын баһылыыр, кур тоҥ буортан балысхан үүнүүнү ылар баҕа санааларын кэпсиирэ. Софр. Данилов
2. Олус улахан, сөҕүмэр. ☉ Очень большой, разительный
Сахаларга олоҥхоһут идэлээх дьон хастыы эмэ олоҥхону толорон иһитиннэрэр балысхан талааннаахтара. «Кыым»
Аны отучча сыл барар киһи тугу эрэ көрөр этэ, оо, балысхан сайдыы онно буолуо ээ. В. Протодьяконов
Мин өй-санаа Үрдүккэ дьурулуур Үрдүк үөрүүтүн, Балысхан манньыйыытын Олус, олус үчүгэйдик билэбин. И.Гоголев. Билиҥҥи биһиги балысхан сайдыылаах олохпутугар уулусса диэн – бу бэйэтэ туспа сокуоннаах, мүччүрүйбэт быраабылалаах кытаанах оскуола. «Кыым»