туохт.
1. Атын сиргэ барбакка-кэлбэккэ биир сиргэ уһуннук олор. ☉ Обосноваться, поселиться где-л. (на постоянное местожительство)
Төрөөбүт буорум тардан бу кэллэҕим дии. Манна олохсуйуом. Н. Лугинов
Биһиги, саха омук үрэх бастарын аайы тус-туспа олохсуйан олорон, тус-туспа хайдыһыылара үөскээбиттэрэ. Эрилик Эристиин
2. Үөскээ, үөдүй, муһун уонна мэлдьи баар буол. ☉ Возникнуть, появиться, образоваться (о водоёме). Бобууттан хоруунан уу тахсан, бу Кураанах алааска күөл олохсуйда
□ Аатырар Араат муорабыт Олохсуйан үөскээбит эбит — Олоҥхо номоҕо эргийбит. Болот Боотур
3. Олоҕур, олоххун бул, тэрилин. ☉ Разместиться, расположиться
Саҥа тэриллибит «Якуталмаз» трест салалтата …… балааккаҕа олохсуйбут этэ. И. Данилов
Үрүҥнэр ыстааптара ойуччу дьиэҕэ олохсуйбута. П. Филиппов