развитие; общество сайдыытын сокуоннара законы развития общества.
Якутский → Русский
сайдыы
Якутский → Якутский
сайдыы
аат.
1. Туох эмэ үөскээн, улам салгыы үүнэн уларыйан, тупсан иһиитэ. ☉ Развитие, прогресс. Үөскэх сайдыыта. Харамай сайдыыта. Уопсастыба сайдыыта. Тыл сайдыытын сокуоннара
□ М.А
Шолохов килбиэннээх айымньылара, …… бүтүн киһи аймах уус-уран сайдыытыгар саҥа кэрдиис кэми арыйдылар. Софр. Данилов
Табаарыстаар, биһиэхэ сорукпут биир. Иннибит диэки саҥа сырдык суолунан сайдыы. М. Доҕордуурап
Ол тас уларыйыылар үүнээйи сайдыытын фазата диэн ааттаналлар. КВА Б
2. Туох эмэ үүнэн уларыйыытын, тупсуутун таһыма. ☉ Уровень развития. Билигин тиэхиньикэ сайдыыта үрдүк
□ Мунньахпыт итинтэн сылтаан уруккуну билиҥҥи сайдыыга тэҥнээн көрөн бэртээхэй кэпсэтиинэн түмүктэммитэ. Н. Лугинов
Тылга терминология сайдыыта, олоҕуруута наука, тиэхиньикэ, култуура, ускуустуба сайдыыларыттан тутулуктаах. АПС СТЛ
△ Киһи үөрэнэн билиилэнэн-көрүүлэнэн, өйүнэн-санаатынан, дьоҕурунан төһө үүммүтэ. ☉ Уровень сознания и умственных способностей человека, достигнутый образованием, развитие. Билиҥҥи ыччат сайдыыта улахан
□ А.И
Софронов, өлбүтүн кэннэ бэчээттэммит хоһоонноруттан көрдөххө, кини бэйэтин сайдыытын наһаа намыһаҕынан, айар үлэтин олус мөлтөҕүнэн ааҕынан муҥатыйар эбит. Амма Аччыгыйа
үөрэх-сайдыы
аат. Үөрэх тэнийиитэ, үөрэнэн олохтон хаалбат сайдыылаах буолуу. ☉ Развитие, достигнутое образованием, образованность
Ойуунтан-удаҕантан, үөрэ астан, торбос ыстаантан таас дьиэлэргэ, үтүмэн үөрэххэ-сайдыыга …… тиийэн кэллибит. Н. Габышев
«Мантан инньэ үөрэх-сайдыы улаатыаҕа, оскуолалар элбиэхтэрэ», — диэбитэ кини биһиги оҕобутун утары көрөн олорон. А. Кривошапкин (тылб.)
үүнүү-сайдыы
аат. Киһи өйө-санаата, үөрэҕэ, култуурата иннин диэки сайдан иһиитэ. ☉ Развитие просвещённости, культурности, умственной и духовной зрелости человека
[Үөрэх] Үрдүккэ киһини кынаттыыр, Үүнүүбүтсайдыыбыт биир бигэ тирэҕэ. Күннүк Уурастыырап
Күлүмүрдээ, үүнүү-сайдыы, Көҥүл норуот айан, тутан, Уйгу олох Дьоһун суола Дьулуһуйан турбутуттан! Эллэй
Еще переводы: