дуганан быһыы (электрическэй дуга төлөнүнэн сиэтэн металы быһыы ньымата.)
Русский → Якутский
резка дуговая
сварка
ж. тех. холбуу сиэтии, сиэтии.
сварка
сиэтии, сыбаарка, иһэрдии, холбуу сиэтии (араас онгоһуктар тус-туспа чаастарын бэйэ-бэйэлэригэр тиксиһиннэрэн, үксүн, үрдүк температура көмөтүнэн сиэтэн, copo5op сымныар диэри күүскэ баттатан атомнай (малекулярнай) сибээстэри үөскэтэн хам холбооттуур, салҕааттыыр, туттартыыр ньыма. Анардас уулларан эбэтэр сымныар диэри хам баттатан сылытан холбооттуур ньыма 60-тан тахса көрүннэрэ баар.)
сварка аргонодуговая
аргоннаах дуганан еи-этии, сыбааркалааһын (аргоны харыстыыр гаас бы-һыытынан туһаныы усулуобуйатыгар электрическэй дуга төлөнүнэн сыбааркалааһын.)
сварка блоками
кэрчиктэринэн сиэтии, сыбааркалааһын (холбонор дэтээллэр тиксиһэр сииктэрин салгыы-салгыы бүтэһиктээхтик үрүт үрдүгэр хос-хос халынатан иһэрдэ-иһэрдэ төттөрү бэрээдэгинэн сыҕары-йыы.)
сварка взрьшом
эстии көметүнэн сиэтии, сыба-аркалааһын (эстииттэн үөскүүр батгааһын күүһүн көмөтүнэн холбонуохтаах чаастары бэйэ-бэйэлэрин кытта ыга астаран силлиһиннэрии.)
сварка вразброс
быһыттааас сиэтии, сыбаарка (металлары холбуу иһэрдэргэ онон-манан, көтүтэ-көтүтэ сиэтээһин.)
сварка газовая
гааһьгаан сиэтии, сыбаарка-лааһын (гаас үрдүк температуралаах төлөнүнэн уулларан иһэрдин.)
сварка давлением, сварка холодная
бат-тааһынынан сиэтии, сыбааркалааһын (холбонуохтаах оноһуктары тиксиһэр сииктэрин анаан итиппэккэ эрэ улахан баттааһын көмөтүнэн ньыҕаллыахтарыгар диэри бэйэ-бэйэлэригэр хам астаран холбооһун, иһэрдиллибит тэнэ хам сыстыһыннарыы, силлиһиннэрии.)
сварка двухдуговая
икки дуганан сиэтии, сыбааркалааһын (тус-туспа электрическэй сүүрээннэр-тэн үөскүүр икки дуга төлөнүнэн уулларан иһэрдии.)
сварка двухэлектродная
икки электродунан сиэтии, сыбааркалааһын (биир уопсай электрическэй суүрээннэ холбоммут икки электрод төлөнүнэн тэмгэ сиэтэн иһэрдии.)
сварка диффузионная
диффузиянан сиэтии, сыбааркалааһыи (тиксиһэр ньуурдар атомнара (молекулалара) хардарыта өтөн киирэн силлиһэллэрин ситиһэр ньыма. Д. с. баттааһын көмөтунэн (сымныахтарыгар диэри) ситиһиллэр.)
сварка дуговая
дуганаи сиэтии, сыбаарка-лааһын (электрическэй дуга төлөнүнэн сиэтэн уулларан силлиһиннэрии.)
сварка дуговая в защитных газах
харыстыыр гааска дуганан сиэтии, сыбааркалааһын (иһэрдии ордук тупсаҕай буоллун диэн төлөнү уонна уулларыллар металы гааһынан үрдэрэ-үрдэрэ иһэрдии. Сороҕор сиэтии сиигин сойуор диэри салгыы эмиэ гааһынан үрдэрэллэр.)
сварка дуговая в углекислом газе
углекислай гааска дуганан сиэтии, сыбааркалааһын (углекислай гааһы харыстыыр гаас быһыытынан туһанан иһэрдии.)
сварка дуговая неплавящимся электродом
уул-лубат электрод дугатынан сиэтии, сыбааркалааһын (төлөҥҥө ууллубат электродунан туһанан сиэтии.)
сварка дуговая плавящимся электродом
ууллар электродтаах дуганан сиэтии, сыбааркалааһын (ууллан, иһэрдиллэр сииккэ олорон хаалар металлаах электроду уонна электрическэй дуганы туһанан иһэрдэр ньыма.)
сварка дуговая под флюсом
эбиилиги туһанан дуганан сиэтии, сыбааркалааһын (иһэрдии ордук үчүгэй, бигэ буоларын хааччыйар сыалтан сиэтиллэр металлааҕар түргэнник ууллар эбиилик (хлордаах цинкэ, хлордаах аммоний о. д. а.) кутан иһэрдээһин. Дуга талоне эбиилик алын өттүттэн тыган уулларыахтаах.)
сварка дуговая покрытым электродом
хахтаах электрод дугатынан сиэтии (иһэрдиини тупсарар састааптаах хахтаах электродунан уулларан иһэрдии.)
сварка дуговая порошковой проволокой
бороһуоктаах боробулуоха дугатынан сиэтии (иһэрдии сиигин харыстыырга уонна бөдергөтөргө анаан ортотугар ууллар бороЬуоктаах боробулуоханан сиэтии.)
сварка каскадом
дьаптайан, халынатан сиэтии, сыбааркалааһын (металлары холбуу иһэрдэргэ сииги халыҥаттар халынатан, санаттан сана арананы бүрүйэ түһэдэр туһэрэн сиэтии.)
сварка конденсаторная
конденсатортан сиэтии, сыбааркалааһын (коиденсаторнай батареяларга электрическэй эниэргийэни мунньан баран ол күүһүнэн кылгас бириэмэ иһигэр тэтимнээхтик иһэрдии ньымата.)
сварка контактная
тиксиһиннэрэн сиэтии, сы-бааркалааһын (холбонор оноһуктары тиксиһэр сирдэ-рин маннай ититэн баран (уулларан эбэтэр уулларбакка) бэйэ-бэйэлэригэр хам баттаан сыһыарыы, силлиһиннэрии.)
сварка кузнечная
уус ньыматынан сиэтии, сыбааркалааһын (холбонор металлары кыһаҕа кытардан баран балтанан таптайан эбэтэр баттыгынан (пресс) сыстыһыахтарыгар диэри ыга баттатан силлиһиннэрии.)
сварка лазерным лучом
лазер сарданатыиан сиэтии, сыбааркалааһын (лазер сарданатын күүһүнэн уулларан силлиһиннэрэр ньыма.)
сварка лежапщм электродом
сытыары элек-тродунан сиэтии, сыбааркалааһыи (холбуу иһэрдил-лиэхтээх металлар тиксиһэр сирдэригэр сытыары уурул-лубут ууллар анал хахтаах электродунан сиэтии. Электрод ууллубут метала иһэрдии түргэтииригэр көмөлөһөр.)
сварка многодуговая
элбэх дугалаах сиэтии, сыбааркалааһын (тус-туспа электрическэй сүүрээннэ-ринэн үлэлиир үс эбэтэр онтон да элбэх электрическэй дугаларынаи тэннэ сиэтэн иһэрдии.)
сварка многоточечная
элбэх туочуканан сиэтии, сыбааркалааһын (оноһуктар тиксиһэр сииктэрин хас эмэ сиринэн биирдэ сиэтэн силлиһиннэрэр, холбуур ньыма.)
сварка многоэлектродная
элбэх электроду-нан сиэтии, сыбааркалааһын (биир кэмнэ биир уопсай электрическэй сүүрээҥҥэ холбоммут иккиттэн ордук ахсааннаах электродтар төлөннөрүнэн сиэтэн иһэрдии.)
сварка монтажная
танар сиэтии, сыбаарка (тус-туспа дэтээллэртэн хомуллар оноһугу хомуйарга аналлаах сиэтэр үлэ.)
сварка на весу
ыйаан туран сиэтии, сыбаарка-лааһын (металлар ыпсыыларыгар туту да хос туппакка эрэ анар өттүттэн ьшсыыларын көннөрү курдаттыы уулларан силлиЪиннэрэр ньыма.)
сварка на подъем
дабатан сиэтии, сыбаарка-лааһын (иннэри балаһыанньалаах холбонор металлары аллараттан үөһэ хайысханан сыҕарыйан холбуу сиэтээһин.)
сварка на проход
үргүлдьү сиэтии, сыбаарка-лааһын (сыҕарыйыы хайысхатын уларыппакка үлэлээн сиэтээЬин.)
сварка на спуск
түһэрэн сиэтии, сыбаарка-лааһын (иннэри балаһыанвьалаах металлары үөһэттэн аллара таҥнары сыҕарыйан холбуу иһэрдээһин.)
сварка наклонным электродом
иннэри электродунан сиэтии, сыбааркалааһын (холбонуохтаах металлар тиксиһэр сииктэрин сырса бурүөһүннээх иннэри тутуллубут электрод квмөтүнэн иһэрдин. Электрод бү-рүөһүнэ ууллаҕын аайы бэйэтин ыйааһынын эбэтэр анал куруһуна көмөтүнэн иһэрдиллэр сник устун сыста сиэтии дугатыныын дьүөрэлэһэн сыҕарыйар.)
сварка неповоротных стыков
хамсаабат тиксиһиилэри сиэтии, сыбааркалааһын (хамсаабат оноһуктар тиксиһиилэрин хайа баҕарар өттүттэн сиэтэн иһэрдии.)
сварка обратноступенчатая
төттерү сүһүвх-тээн сиэтии, сыбааркалааһын (сиэтээһин сиигин оноһуллан иһэр сүрүн хайысхатыгар утары хайысхалаах сүһүөх-сүһүөх кэрчиктэринэн иһэрдээһин.)
сварка оплавлением
уулларыылаах сиэтии, сыбааркалааһын (металлар тиксиһэр сииктэрии уулларан бэйэ-бэйалэрин кытта холбуур иһэрдии, сил-лиһиннэрии.)
сварка печная
оһоххо ититэн сиэтии, сыбаарка-лааһын (аналлаах оһоххо эбэтэр Kuhaga кытардан уонна холбуу ыпсары баттатан иһэрдии.)
сварка ремонтная
өрөмүөннүүр сиэтии, сыбаарка (оиоһугу сыбаарка көмөтүнэн дьиэгин суох онорор, эбэтэр алдьаммытын чөлүгэр түһэрэр үлэ.)
сварка стыковая
тиксиһиннэрэр сиэтии, сыбаарка (холбонор оноһуктар уһуктатынан тиксиһии-лэрин тилэри иһэрдээһин.)
сварка термитная
термитинэн сиэтии, сыбаар-калааһын (термит (умайар бороһуок) булкааһа умайар төлөнүнэн сиэтэн иһэрдии.)
сварка точечная
харахтааи сиэтии, сыбаарка-лааһын (холбонор оноһуктар тиксиһэр сииктэрин онон-манан көтө-көтө туочукаларынан эрэ иһэрдии.)
сварка трением
аалсыынан сиэтии, сыбаарка-лааһын (холбонор оноһуктар тиксиһэр иэннэрин бэйэ-бэйэлэригэр аалсыһыннаран ититэн уонна хам ыл-сыахтарыгар диэри баттатан силлиһиннэрии.)
сварка угольным электродом
чохтоох элек-тродунан сиэтии, сыбааркалааһын (иһэрдии биир туспа керүҥэ. Электрическэй дуга уонна чохтоох электрод туһаныллар. Сыбаарка сиигэ (сварной шов) сүрүн металлар (металл основной) бэйэлэрэ эрэ эбэтэр эбиилик металлаах (присадочный металл) ууллууларыттан тахсар.)
сварка ультразвуком
ультра дорҕоонунан сиэтии, сыбааркалааһын (ультра дорҕоон көмөтүнэн сиэтэр ньыма. Улахан баттааһын уонна онтон үөскүүр итийии усулуобуйатыгар оноһуллар. Онон баттааһынынан сыбааркалааһын (сварка давлением) биир туспа көрүҥүнэн буолар.)
сварка холодная
тымиыылыы, итиппэккэ сиэтии, сыбааркалааһыи (көр СВАРКА ДАВЛЕНИЕМ.)
сварка электродуговая
электрическая дуганан сиэтии, сыбааркалааһын (электричество күүһүнэн үөскээбит дуга төлөнүнэн уулларан иһэрдии.)
сварка электронно-лучевая
электрон сар-дакатынан сиэтии, сыбааркалааһын (электроннар күүстээх сүүмэх сарданаларын туһанан иһэрдэр ньыма. Бүтэй хаамыра иһигэр угуллубут дэтээллэр тиксиһэр ньуурдарын аналлаах электроннай бууска көмөтүнэн электрон сарданаларынан тыктаран уулларыллар а. э. иһэрдии сиигин оҥоһуллар. Итинник иһэрдэр ньыма улахан кыраадыска эрэ ууллар металлары эбэтэр халын уонна олус чараас (10 микронна тиийэ) дэтээллэри холбуу сиэтэргэ (иһэрдэргэ) туһаныллар.)
резка воздушно-дуговая
салгыннаах дуганан быһыы (салгыны урдэрэн электрическэй дуга төлөнүн күүһүрдэн металы быһа сиэтэн (уулларан) быһар ньыма.)
Якутский → Русский
сварка
тех. сварка; электрическэй сварка электрическая сварка; автогеннай сварка автогенная сварка.