туохт.
1. Аһылын (туох эмэ аанын, сабыытын, хаппаҕын уо. д. а. туһунан). ☉ Открываться, раскрываться (о двери, крышке, створке чего-л. и т. п.)
Онтон, муусука тыаһа дьүрүһүйэ түһэр уонна кыһыл баархат быыс аргыый арыллан барар. Суорун Омоллоон
Үүйэ кырыылаах көнө муннугар биллэр-биллибэт эбирдээх оҕолуу болтойбут уоһа сэгэччи арыллыбыт. Л. Попов
Ону кини бэркэ билэр буолан, наар биир страницаны аахпыта, кинигэтэ онон арыллара. А. Сыромятникова
2. Туох эмэ урут биллибэтэх аһылын. ☉ Стать раскрытым, обнаруженным (что-л. ранее неизвестное)
Ол [төттөрү Дьокуускайга] киирбитим Роман Оросин маҥнайгы саагыбара арыллыбыт эбит. П. Ойуунускай
Холкуос тэриллиэҕиттэн ыла сидьиҥ өстөөхтөр буортулуур оҥоһуулара барыта силиэстийэлэнэн арыллыбыт. Эрилик Эристиин
Били олунньутааҕы сабыылаах хомсомуол мунньаҕын кистэлэҥэ дьэ арыллар. Н. Габышев
3. Силэллэн биэр. ☉ Расступаться, расходиться в стороны
Эр дьон арылла охсон биэрдилэр. Амма Аччыгыйа
[Массыына] «Мин кэллим», — диэбиттии сигналлыырын кытта, үөмэхтэһэ сылдьар хойуу дьон оргууй арыллан биэрдилэр. М. Доҕордуурап
Арыаллыыр сибиитэ бүтүннүү арыллан биэрдэ, генерал тиийэн, ыраахтааҕыга өр соҕус тугу эрэ кэпсээн эрэрин Ростов көрдө. Л. Толстой (тылб.)