Якутские буквы:

Якутский → Якутский

арылын

туохт.
1. Аһылын (туох эмэ аанын, сабыытын, хаппаҕын уо. д. а. туһунан). Открываться, раскрываться (о двери, крышке, створке чего-л. и т. п.)
Онтон, муусука тыаһа дьүрүһүйэ түһэр уонна кыһыл баархат быыс аргыый арыллан барар. Суорун Омоллоон
Үүйэ кырыылаах көнө муннугар биллэр-биллибэт эбирдээх оҕолуу болтойбут уоһа сэгэччи арыллыбыт. Л. Попов
Ону кини бэркэ билэр буолан, наар биир страницаны аахпыта, кинигэтэ онон арыллара. А. Сыромятникова
2. Туох эмэ урут биллибэтэх аһылын. Стать раскрытым, обнаруженным (что-л. ранее неизвестное)
Ол [төттөрү Дьокуускайга] киирбитим Роман Оросин маҥнайгы саагыбара арыллыбыт эбит. П. Ойуунускай
Холкуос тэриллиэҕиттэн ыла сидьиҥ өстөөхтөр буортулуур оҥоһуулара барыта силиэстийэлэнэн арыллыбыт. Эрилик Эристиин
Били олунньутааҕы сабыылаах хомсомуол мунньаҕын кистэлэҥэ дьэ арыллар. Н. Габышев
3. Силэллэн биэр. Расступаться, расходиться в стороны
Эр дьон арылла охсон биэрдилэр. Амма Аччыгыйа
[Массыына] «Мин кэллим», — диэбиттии сигналлыырын кытта, үөмэхтэһэ сылдьар хойуу дьон оргууй арыллан биэрдилэр. М. Доҕордуурап
Арыаллыыр сибиитэ бүтүннүү арыллан биэрдэ, генерал тиийэн, ыраахтааҕыга өр соҕус тугу эрэ кэпсээн эрэрин Ростов көрдө. Л. Толстой (тылб.)

арыл гын

арый диэнтэн көстө түһүү. Эмискэ аһыллан ыл (түннүк сабыытын, кинигэ илииһин уо. д. а. туһунан). Резко приоткрываться (о шторах, книжной странице и т. п.)
[Дьахтар Кулун Куллустууру] төбөтүн оройугар үрэн сирилэппитигэр били ап чалахайа итии силим курдук саба тибиирэн кэбиспитэ арыл гына түспүтэ. ПЭК ОНЛЯ III
Ыстаап дьиэтин аһаҕас түннүгүнэн киэһээҥҥи сиккиэр тыалтан үрүҥ болотуна түннүк сабыыта арыл гынар. А. Сыромятникова

Якутский → Русский

арылын=

страд. от арый = 1) приоткрываться, открываться, раскрываться, быть приоткрытым, открытым, раскрытым; 2) открываться, раскрываться, обнаруживаться, быть открытым, раскрытым, обнаруженным; буруйа арылынна его преступление раскрыто; 3) расходиться в стороны, расступаться; дьон арылла түстүлэр люди сразу расступились.


Еще переводы:

выявиться

выявиться (Русский → Якутский)

сов. билин, көһүн, арылын.

обнажиться

обнажиться (Русский → Якутский)

сов. 1. арылын, аһылын; нерв обнажился нервэтэ арыллыбыт; 2. (лишиться листвы) хастан, суйдан; 3. перен. (обнаружиться) арылын, көһүн.

раскрыться

раскрыться (Русский → Якутский)

сов. 1. аһылын, арылын; ящик раскрылся дьааһык аһыллыбыт; глаза раскрылись харахтара аһылыннылар; 2. (обнажиться) аһылын, арылын, хастан; грудь раскрылась түөһүҥ аһыллыбыт; 3. (предстать взору) арылын, көһүн; 4. перен. (обнаружить свою сущность) арылын, бэйэҕин биллэр; 5. (выявиться) арылын, билин.

открывается

открывается (Русский → Якутский)

гл
аһыллар, арыллар

развертывается

развертывается (Русский → Якутский)

гл
арыллар, сөллөр, тэлгэнэр

арыллыы

арыллыы (Якутский → Якутский)

арылын диэнтэн хай
аата. Сарсыарда аламай күммүт арыллыыта Чаҕылыҥныы сандааран, Саҥалыы айхаллыыр, Күлүмүрдүү күлүмнээн, Дьон-норуот соргутун тускулуур. С. Зверев

бутон

бутон (Русский → Якутский)

сущ
арылла илик сибэкки дьөрбөтө

вскрыться

вскрыться (Русский → Якутский)

сов. 1. (о нарыве) тэһин; 2. (о реке) эһин, дьуххар; 3. перен. (обнаружиться) : арылын, булулун, көһүн.

күрүҥсүй

күрүҥсүй (Якутский → Якутский)

туохт. Күрүҥ буол, күрүҥ өҥнөн. Буреть, становиться рыжим
Күһүн буолан, күрүҥсүйдэр даҕаны, дэхси от кырыстаах алаас арылларын кытта күөл нэлэс гына түстэ. Амма Аччыгыйа

хаттаныы

хаттаныы (Якутский → Якутский)

хаттан диэнтэн хай
аата. Силлиэҕэ-буурҕаҕа, хабыалас тымныыга саҕынньах, тулууп хаттаныылаах дьон ирэн-хорон кэпсэтэ, билсэ түспүттэригэр кинилэр ис санаалара эмиэ арыллар. «ХС»