туохт.
1. Хайдах эмэ сигилилээх, быһыылаах-майгылаах буол, буолан таҕыс. ☉ Иметь, приобретать какой-л. нрав, характер. Үчүгэйдик иитиллибит оҕо киһилии сигилилэнэр
△ Хайдах эмэ сигилини көрдөр, хайдах эмэ быһыыны быһыылан. ☉ Проявлять характер, показывать нрав
[Өлөксөөндөрө:] Онон кини эппитин кэннэ барымынаҕын, эмиэ тиэрэ сигилилэнэ олорума. Н. Неустроев
Бу тоҕо кинилэр [баай омуктар], бөрө суобаһа суобастанан, эһэ сигилитэ сигилилэнэн, туох да буруйа суох дьоннору, норуоттары кырган, кэйгэллээн бараллара буолуой. Суорун Омоллоон
2. кэпс. Тугу эмэ оҥорорго туох эмэ санааны ылынан хайдах эмэ быһыылан; уларыйан хайдах эмэ быһыылан. ☉ Поступать каким-л. образом; становиться каким-л. в результате изменений
Олоҕу олохтуурга, үлэни үрдэтэргэ кэмчилэнэр-харыстанар, мунньар-элбэтэр сигилини сигилилэниэх тустаахпыт. П. Ойуунускай
Исписэлиистэр бу [туннель] устун сылдьан өрүс түгэҕэ хайдах сигилилэнэн иһэрин чинчийиэхтэрэ. Суорун Омоллоон
Якутский → Якутский
сигилилэн
Якутский → Русский
сигилилэн=
иметь какой-л. нрав, характер; куһаҕан сигилилэммит характер у него испортился.
Еще переводы: