туохт.
1. Сииги тардан эбэтэр инчэҕэйгэ сыстан сииктэн, илийэн бар. ☉ Напитываться влагой, увлажняться, сыреть. Туус сиигирбит, ардах кэлээри гыммыт
□ Кыыс ньылыбырас солко былаата сиигирэн хаалла. Л. Попов
Быйыл баҕас дьэ сир сиигирии бөҕөнү сиигирдэ, быһыыта. П. Егоров
[Кураайы] ходуһалар, сөҥүү түһүүтүттэн эрэ сиигирэр буоланнар, үүнүүлэрэ мөлтөх. ПАЕ ОС
Сиигирбит хаар …… уонна отуу буруотун хабархайдыҥы сыта холбоһон тымныы салгыҥҥа илгийбэхтии тураллара туохха да холобура суох үчүгэй. Амма Аччыгыйа
△ Сииккэ ылларан, илийэн хаачыстыбаҕын сүтэр, буорту буол. ☉ Терять качество, портиться, пропитываясь влагой, отсыревать. Испиискэ сиигирбит
□ [Октя:] Кока, аҕал эрэ ити мин искириипкэбин
Сиигирэн хаалла дуу, хайаата, боруобалаан көрүөххэ. Суорун Омоллоон
Куһаҕаннык кэбиһиллибит хотойуулаах от сайыҥҥы, күһүҥҥү ардахха балтараа миэтэрэҕэ тиийэ сиигирэр. ПАЕ ОС
2. кэпс. Уулан (үксүгэр киһи уйадыйан хараҕа ууланарын этиллэр). ☉ Слезиться, увлажняться (о глазах — обычно говорят, когда это происходит от наплыва чувств)
Уйадыйа сиигирбит хараҕын кистээн, истиэнэ диэки хайыста. Э. Соколов
[Сэрии огдооболоро] таптыыр доҕотторун суохтаан, харахтара сиигирэ-сиигирэ саас-үйэ тухары сүтэрсии кутурҕаннаах ырыатын ыллыыллара. «ХС»
Дьэ тулуурдаах киһи этэ. Хор, хараҕа биир да уолугар сиигирэн ылбатаҕа ээ. Г. Нынныров
3. көсп., кэпс. Тот, тото аһаа. ☉ Насыщаться, наедаться. Манан аска сиигириэ суох киһи
□ «Сиигирдэҕим үһү!» — диэтэ Моҕус биирдэ. Суорун Омоллоон
♦ Иһэ сиигирэр — аһаан тотор, топпутун билэр. ☉ Наедается, чувствует сытость
[Икки атахтаах] Илгэлээх үүтүн иһэн, Иһэ сиигирэн, Ириэнэх хааннанан Ийэ сирин кэриимнээтэ. Өксөкүлээх Өлөксөй. Түүтэ (түүтүн төбөтө) да сиигирбэт — тириппэт, көлөһүннэммэт. ☉ И пота на шерсти не заметишь (о выносливой лошади)
[Соноҕос] мантан өрөпкүөмҥэ диэри өкөчөҥ былаастаах тарайа сэлиинэн киирэн баран, көр, түүтүн да төбөтө сиигирбэт эбээт! Амма Аччыгыйа
Якутский → Якутский
сиигир
Еще переводы: