даҕ.
1. Өр туттуллан эргэрбит, онон-манан алдьаммыт. ☉ Старый, изношенный
Арыыса хаар уулуур улахан хаарбах солуурун таҥкынатан таһаарда. Болот Боотур
Онон-манан сиритэ-хайыта барбыт туостаах хаарбах тымтайы хаарын тэбээтэ. И. Никифоров
Мин ханнык баҕарар хаарбах даҕаны наартанан барыа эбиппин. Н. Заболоцкай
2. Олус эргэрэн самнайбыт, сиҥнэйбит. ☉ Ветхий, обветшалый
Ходуһа биир хаарбах бүтэйин тоҕо көтөн, сылгылар киирэн хоммуттар. Д. Таас
Тумара ортотунааҕы үрдүк тиит арыыга хаарбах ураһа турар. И. Данилов. Олохтоохтор баҕалара биир — мас хаарбах дьиэлэрдээх уулуссалары кэлимник күрдьэн, аныгылыы тииптээх дьиэлэри тутуу. «Саха с.»
♦ Хаарбахха хаарыллыбыт <киһи> көр хаарылын. Ол күчүмэҕэй күннэргэ хаарбахха хаарыллыбыт элбэх буолара
◊ Хаарбах тимир — туһаттан тахсыбыт ол-бу тимир оҥоһук (үксүгэр тиэхиньикэ) быстаҕа, элээмэтэ. ☉ Металлолом
Үөрэнээччилэр хаарбах тимири хомуйууну, субуотунньуктары, кэнсиэрдэри тэрийэллэр. ПА
Хаарбах тимир дэриэбинэ ис уонна тас өттүгэр ыһылла сытарын элбэхтик көрүөххэ сөп. «Кыым»
Соҕотуопкалаабыт хаарбах тимирбит уу уонна аптамабыыл суолларынан Осетровоҕа уонна Беркакикка тиэрдиллэр. «ББ»