Якутские буквы:

Якутский → Русский

хаарбах

старый; ломаный; изношенный || старьё; хаарбах солуур старый котёл; хаарбах тимир металлолом; хаарбаҕы хомунар он собирает старьё.

Якутский → Якутский

хаарбах

даҕ.
1. Өр туттуллан эргэрбит, онон-манан алдьаммыт. Старый, изношенный
Арыыса хаар уулуур улахан хаарбах солуурун таҥкынатан таһаарда. Болот Боотур
Онон-манан сиритэ-хайыта барбыт туостаах хаарбах тымтайы хаарын тэбээтэ. И. Никифоров
Мин ханнык баҕарар хаарбах даҕаны наартанан барыа эбиппин. Н. Заболоцкай
2. Олус эргэрэн самнайбыт, сиҥнэйбит. Ветхий, обветшалый
Ходуһа биир хаарбах бүтэйин тоҕо көтөн, сылгылар киирэн хоммуттар. Д. Таас
Тумара ортотунааҕы үрдүк тиит арыыга хаарбах ураһа турар. И. Данилов. Олохтоохтор баҕалара биир — мас хаарбах дьиэлэрдээх уулуссалары кэлимник күрдьэн, аныгылыы тииптээх дьиэлэри тутуу. «Саха с.»
Хаарбахха хаарыллыбыт <киһи> көр хаарылын. Ол күчүмэҕэй күннэргэ хаарбахха хаарыллыбыт элбэх буолара
Хаарбах тимир — туһаттан тахсыбыт ол-бу тимир оҥоһук (үксүгэр тиэхиньикэ) быстаҕа, элээмэтэ. Металлолом
Үөрэнээччилэр хаарбах тимири хомуйууну, субуотунньуктары, кэнсиэрдэри тэрийэллэр. ПА
Хаарбах тимир дэриэбинэ ис уонна тас өттүгэр ыһылла сытарын элбэхтик көрүөххэ сөп. «Кыым»
Соҕотуопкалаабыт хаарбах тимирбит уу уонна аптамабыыл суолларынан Осетровоҕа уонна Беркакикка тиэрдиллэр. «ББ»


Еще переводы:

металлолом

металлолом (Русский → Якутский)

м. металл хаарбаҕа, хаарбах тимир.

металлолом

металлолом (Русский → Якутский)

сущ
металлолом, хаарбах тимир

лом

лом (Русский → Якутский)

II м. собир. үлтүркэй, хаарбах, тоһоҕос; железный лом тимир хаарбаҕа.

бренный

бренный (Русский → Якутский)

прил. уст. хаарбах, үйэтэ суох, кэрэгэй оҥоһуулаах; бренный мир бу кэрэгэй оҥоһуулаах дойду.

ботугураспахтаа

ботугураспахтаа (Якутский → Якутский)

ботугурас диэнтэн тиэт
көрүҥ. Булчуттар, ботугураспахтаан баран …… хаарбах тыы сытарын ууга биирдэ ньылбы анньан киллэрдилэр. Н. Заболоцкай

маллан

маллан (Якутский → Якутский)

маллаа диэнтэн бэй
туһ. Хаарбах «газик» массыынанан, Хааһах муҥунан малланан, Хаахынатан тиийбиттэрэ. Күннүк Уурастыырап
Дьиэтэ элбэх малламмыт, Дьиибэ туох эрэ сыттаммыт. С. Васильев

хвоя

хвоя (Русский → Якутский)

ж. 1. мутукча; сосновая хвоябэе мутук- чата; 2. собир. (ветки хвойного дерева) мутук. хибара, хибарка ж. разг. үүтээн, балаҕан. хижина ж. кыра балаҕан, хаарбах дьиэ. хилость ж. иинэҕэһэ, хатыҥыра, дьүдьэҕэ. хилый прил. иинэҕэс, хатыҥыр, дьүдьэх; хйлый ребёнок иинэҕэс оҕо.

сыбаалка

сыбаалка (Якутский → Якутский)

аат. Бөҕү тоҕор уонна уматар анал сир. Свалка
Дьокуускай арҕаа хонуутугар сыбаалка кутуллар. С. Васильев
Баһыкка уруута суоппар уоллуун, ол сыбаалкаттан биир хаарбах массыынаны булан, таҥан, бурдук көтүтэн ыраастыыр дииллэрэ. «ХС»

үрүлүн

үрүлүн (Якутский → Якутский)

үр I диэнтэн атын
туһ. Хаарбах күрүө үүтүнэн Халлаан тыала үрүллэн, Хаһыы-ыһыы үөдүйэр Хапсыыр кэмнэр кэллилэр. Эллэй
Хабах үрүллүбүтүн бүргэһинэн тэһэ аспыттыы, дьон үөрэн өрүкүнэйбиттэрэ биирдэ хоос гына уоста түспүтэ. Далан

үүчээн

үүчээн (Якутский → Якутский)

көр үүтээн
Булуоҥ хаарбах үүчээҥҥэ Тутайбыккын барытын, Уонна салгыаҥ этэҥҥэ Уһун суолгун, айаҥҥын. С. Данилов
Дьэ ол курдук сайын тиийэн, биир сиргэ тохтоон үүчээн тутарга санаммыт. Н. Заболоцкай
Микииһэ уонна Хабырылла-Сүөдэркэ биир үүчээҥҥэ тиийдилэр. Н. Павлов