сов. что I. сууй, сууйан кэбис; 2. перен. сууй, ыраастаа; смыть с себя позор сааккын ыраастан; 3. (унести течением) суурай, илдьэ бар (уу илдьиитэ); # как водой смыло ууга тимирбит курдук (туох эмэ эмискэ букатын сүтэн хааллаҕына).
Русский → Якутский
смыть
Еще переводы:
смывать(ся) (Русский → Якутский)
несов. см. смыть(ся).
көҥү (Якутский → Русский)
нареч. 1) начисто, без остатка; көҥү үүр = гнать всех; көҥү суун = смыть с себя (всю грязь); 2) вдребезги; көҥү оҕус = разбить вдребезги; көҥү тэп = выбить, разбить, разрушить пинком.
сууй= (Якутский → Русский)
1) мыть; умывать; иһити сууй = мыть посуду; оҕону сууй = умыть ребёнка; уруулуубутун уунан да сууйуоҥ суоҕа погов. наше родство не смоешь и водой; 2) стирать; таҥаһы сууй = стирать бельё; 3) перен. разг. обмывать; дипломҥун сууй = обмыть диплом # көмүһү сууй = мыть золото; аатын-суолун сууй = опозорить чьё-л. имя; суобаскын сууй = потерять совесть; сураҕын сууй = скомпрометировать чью-л. репутацию; үтүөҕүн-өҥөҕүн сууй = скомпрометировать себя (букв. смыть былые свой заслуги).
уу (Якутский → Русский)
I 1) вода || водный; водяной; ардах уута дождевая вода; иһэр уу питьевая вода; муора уута морская вода; оргуйбут уу кипячёная вода; өрүс уута речная вода; хаар уута снеговая вода; халаан уута половодье; ыраас уу чистая вода; уу быһыта плотина, дамба; уу дьыл год большой воды, год половодья; уу көтөрө водоплавающая птица; уу ото водяные растения; уу күтэрэ нутрия, водяная крыса; уу суола водная связь, водный путь; уу сэбэ водный транспорт; уу үөнэ водяные насекомые; уу илпит или ууга барбыт водой снесло, водой унесло что-л.; уу быспыт (или хаайбыт) вода перерезала дорогу; ууну бас = зачерпнуть воды (напр. об обуви, лодке); ууну ис = (или обор=) промокнуть, пропитаться водой; уу кэлбит вода поднялась; уу түспүт (или тарпыт) вода спала; уу ылбыт залило водой; уу ылбытыи курдук будто водой скрыло (ничего нет, пусто); ууга устан хаал= оказаться в воде (напр. в протекающем помещении); балык уу дириҥин былдьаһар погов. рыба ищет, где глубже; уу испит сылгы курдук погов. как лошадь, опившаяся холодной воды (о человеке, дрожащем от холода, сильного волнения); ууга тааһы бырахпыт курдук погов. как в воду канул (букв. как камень, брошенный в воду); уунан сууйуоҥ суоҕа (уруугун) погов. (и) водой не смоешь (т. е. как я ни плох, тебе придётся признать своё родство со мной); ууну омурдубут курдук погов. как в рот воды набрал; ууну таһыйан баҕаны куттаабыкка дылы погов. всё равно, что шлёпая по воде, пугать лягушек (т. е. пугать не тем, чем надо); ууттан кураанах тахсар выходит сухим из воды; уу тэстибэтинэн саҥарар погов. говорит так, что вода не просочится (ладно, складно, логично); уу тэстибэт (или тохтубат) доҕордуулар между ними вода не просочится (о закадычных друзьях); ыт ууну кэспитин курдук погов. как собака по воде ходила (о чём-л. бесполезном, бесцельном); 2) разг. чай; уута иһэн бар садись пить чай; 3) сок; отон уута ягодный сок; хатыҥ уута берёзовый сок # буур харбаабыт уута вода (о жидкой, невкусной пище); суөгэй уута пахта; уйатыгар уу киирбит он попал в тяжёлое, критическое положение; уу булда рыбный промысел (букв. водная охота); уу дьулай анат. родничок; уу кыһыл оҕо новорождённый; уу кыыһа личинка стрекозы; уунан ыыт = разг. жидко испражняться; уу ньамаан очень невкусная, непитательная жидкая пища; уу ньамаан тыллаах пустослов; уу оҕуһа мамонт; уу саккырас (или билик, ньалык, ньылыбыр) буол = а) изойти потом; б) промокнуть до нитки; уу сут уст. голод вследствие наводнения или постоянных дождей; уу туҥуй а) молодой; б) чистый, невинный, целомудренный; уу харах разг. глаза (человека); уу харахпынан көрбүтүм я видел это собственными глазами; уу чуумпу мёртвая тишина.
II сон; уум кэллэ я хочу спать, мне хочется спать (букв. мой сон наступил); уута уу буолбата ему и сон не в сон; уубар өллүм меня одолел сон, я смертельно хочу спать; уум алдьанна (или көтөн хаалла) мой сон нарушен; түлүк уутугар утуйа сытар он спит глубоким, беспробудным сном; уһун уутун утуйбут он заснул вечным сном (т. е. умер).