туохт. Кимниин эмэ биир санаалааххын биллэр, сөбүлэс. ☉ Соглашаться с кем-чем-л.
Кэбиис, мин Вильямы кытары сөпсөспөппүн! В. Яковлев
Мин кинилэр кэпсэтиилэригэр орооспотоҕум, бүтэйдии сөпсөһө санаабытым. Сэмээр Баһылай
Баһылай сөпсөһөрүн биллэрэн саҥата суох төбөтүн тоҥхолдьутта. У. Ойуур
△ Кимниин эмэ туохха эмэ сөп түбэсиһэр буол. ☉ Подходить друг другу, совпадать, сходиться с кем-л. в чём-л. (напр., в интересах)
[Аҕам уонна Киил оҕонньор] сатаан тэҥнэммэт адьас атын мээрэйдээх, атын өйдөбүллээх дьон. Онон наһаа үгүс сөпсөспөт өрүттэрдээхпит быһыылаах. Н. Лугинов
Кутуковтар саҕа сөпсөһөр ыал ахсааннаах быһыылаах. Н. Лугинов
Тэҥэ суох дьон сөпсөспөттөр эбээт. ПБН ОПТ
Кийииппит хайдах курдук намыыный, өйдөөҕүй! Эт-хаан сөпсөстөҕүнэ өрүү итинник буолааччы. С. Сарыг-оол (тылб.)