Якутские буквы:

Якутский → Русский

содуом

шум, суматоха, содом; бу туох содуомай? что это за содом?

Якутский → Якутский

содуом

аат. Туохтан эмэ сылтаан дьону уонна атын малы даҕаны харса суох кырбаан, үлтү сынньан барыы. Дебош, погром
[Ньукулай:] Эрэн, туох да содуому оҥоруом суоҕа. А. Софронов
Туох содуом тахсыбыта, хайа дьахталлар хапсан, этиһэн барбыттара сарсыардааҥҥы сахсаан, киэһээҥҥи кэпсээн буолла. Болот Боотур
Айдааннаах атах Аргыара арылынна, Сотуһуулаах сутурук Содуома турда. Күннүк Уурастыырап


Еще переводы:

буйство

буйство (Русский → Якутский)

с. айдаан, содуом, иирээн.

дебош

дебош (Русский → Якутский)

м. содуом, муҥхаал, охсуһуулаах айдаан.

потасовка

потасовка (Русский → Якутский)

ж. разг. (ссора с дракой) содуом, охсуһуу.

содом

содом (Русский → Якутский)

м. разг. (суматоха, шум) содуом, иирзэн-айдаан; поднять содом содуомна тарт.

соһолоонноох

соһолоонноох (Якутский → Якутский)

даҕ., фольк. Охсуһуулаах, содуомнаах, айдааннаах. Шумный, скандальный
Соһолоонноох сутурук Содуома туолуйда, Ньиргиэрдээх тиҥилэх Дибдиргэнэ тэрилиннэ. Күннүк Уурастыырап

бытарыйыы

бытарыйыы (Якутский → Якутский)

бытарый диэнтэн хай
аата. Баһа-атаҕа биллибэт балай бардама, соххор содуома, сото тостуута, өргөс бытарыйыыта, өттүк үлтүрүйүүтэ манна буолла. П. Ойуунускай

сүлүстэн

сүлүстэн (Якутский → Якутский)

сүлүстээ диэнтэн бэй. туһ. [Куралай Кустук] дьэ эбии өһөҕө үллэн, өһө-сааһа сүлүстэнэн, …… охсуһуу киэнэ содуомнааҕар утаппыттыы баҕаран, өрө кыбдьыгырыы, эккирии турда. Д. Апросимов

аарбыйалаах

аарбыйалаах (Якутский → Якутский)

даҕ. Сөҕүмэр улахан, дөйүтэр; ньиргиэрдээх; дьүүлэ-дьаабыта биллибэт (айдаан, содуом, кыргыһыы). Оглушительный, невообразимый (шум, грохот)
Дьэ, доҕоор, манна баар эбит дьиҥнээх аарбыйалаах айдаан, араллаан тахсыбыт сирэ. «Чолбон»
Дьэ манна [умайбыт дэриэбинэҕэ] аарбыйалаах айдааннаах сиһиктэһии саҕаланна. «ХС»

күйгүөмнээхтик

күйгүөмнээхтик (Якутский → Якутский)

сыһ. Дохсуннук, эрчимнээхтик; араас тыас-уус доҕуһуоллаах. Быстро, энергично, стремительно; с грохотом, громко, шумно
[Ньургун Боотур] Солуута суох соххор содуомун Сототун ортотунан дьалкыйа дайдаран, Күлүмэхтик көтүтэн, Күйгүөмнээхтик айаннатан истэҕэ. П. Ойуунускай

үлтүрүйүү

үлтүрүйүү (Якутский → Якутский)

үлтүрүй диэнтэн хай
аата. Баһа-атаҕа биллибэт Балай бараама, Соххор содуома, Сото тостуута, Өргөс бытарыйыыта, Өттүк үлтүрүйүүтэ манна буолла. П. Ойуунускай
«Кырдьыга, үлтүрүйүү хайаан да баар буолуохтаах, ол эрээри дэлби тэптэрбэккэ эрэ урууданы хайдах хостуоххунуй?» — диир Игорь Викторович. «ХС»