Якутские буквы:

Якутский → Якутский

содьороҥноо

дьүһ. туохт. Ыалдьар атаххынан барбах аҕай дугунан соһо тардан хаамп, доҕолоҥноо. Прихрамывать на одну ногу
Таба муҥнаах, бааһырбыт атаҕын өрүтэ көтөҕө-көтөҕө аҕыйахта содьороҥноон иһэн эмиэ турунан кэбистэ. Софр. Данилов
Ыстапаан ытыы-ытыы дьон суох сирин диэки содьороҥноото, ханна түбэһиэх олоро түһээт, атаҕын имэрийэ-имэрийэ, үрэ олороохтоото. И. Никифоров
Санаатыгар, быһыыта, сүүрүөн баҕарара да, нэһиилэ содьороҥнуура эрэ. «ХС»


Еще переводы:

содьороҥнот

содьороҥнот (Якутский → Якутский)

содьороҥноо диэн курдук
Харачаев …… үс атах буолан хаалбыт атынан көмнөхтөөх ойуур ортотугар содьороҥнотон киирдэ. Эрилик Эристиин

проковылять

проковылять (Русский → Якутский)

сое. разг. хааман содьороҥноон аас.

көөдөкөччүй

көөдөкөччүй (Якутский → Якутский)

көөдөй диэнтэн субул
көстүү. Уйбаан Сэргиэйэбис кэбиниэттэн хаһан мин содьороҥноон тахсарбын көһүппэккэ, бэйэтэ урут көөдөкөччүйэн тахсан, сэкирэтээргэ тугу эрэ этэн дьабдьалыйда. П. Аввакумов
— Хаһан кэлэллэрий, дьиэлээхтэр? — диэтэ аан диэки көөдөкөччүйэн иһэн. «Чолбон»

тойтоҕор

тойтоҕор (Якутский → Якутский)

даҕ. Кылгас, тойтойо сылдьар (таҥас эбэтэр кутурук туһунан этэргэ). Короткий, куцый (обычно о верхней одежде или хвосте)
Кырса оҕото чоҕулуччу көрбүт харахтааҕа, тойтоҕор кутуруктааҕа. И. Федосеев
Кини тойтоҕор хара сигиэйкэ сонноох, хап-хара котик бэргэһэлээх. Н. Габышев
Куораттыы тойтоҕор бинсээктээх уол сүүрэн содьороҥнуур. А. Фадеев (тылб.)
ср. казах. той ‘нечто куцее, короткое’, тойтак ‘хромой на одну ногу’

доҕолоҥноо

доҕолоҥноо (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Биир атаҕыҥ кылгас буолан эбэтэр ыалдьан содьороҥноон, сүдьүҥнээн хаамп. Хромать
Моойторук уҥа кулгааҕа хааннырбыт уонна кыратык доҕолоҥнуур. Л. Попов
Таня ытамньыйда, доҕолоҥнообутунан туран кэллэ, тохтубут үүтэ …… үрүҥ көлүччэ курдук туналыйа сытта. М. Доҕордуурап
Лөгүөнтэй хара тураҕас атын сэргэҕэ баайбыта, доҕолоҥноон хааман …… өттүгүн хам туттубута, «айыы-айа» диэн саҥа аллайбыта. В. Протодьяконов
2. көсп. Туох эмэ дьиэктээх, кыайтарбат өрүттээх буол (үлэҕэ, үөрэххэ). Иметь какие-л. недостатки, изъяны
Сүөһү иитиитэ эмиэ улаханнык доҕолоҥнуурун, онуоха эбии сыл ахсын сүөһү аһылыга кыайан бэлэмнэммэтин дьокутааттар сытыытык кириитикэлээтилэр. «Кыым»
Кини [Миша] бары предметтэригэр хоп курдук үөрэммитэ. Ол эрээри, нуучча тылыгар улаханнык доҕолоҥнообута. «Чолбон»