Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сордон

туохт.
1. Сору көр, эрэйикыһалҕаны бил. Страдать, мучиться, терзаться
[Туйаарыма Куо:] Ыый-ыыйбын! Аай-аайбын! Ытаабатах бэйэкэм Ытаахтыы олордоҕум, Соҥуйбатах бэйэкэм Сордонон эрдэҕим. П. Ойуунускай
[Маайа:] Мин сордоох сааһым тухары сордонон сылдьыам буоллаҕа. А. Софронов
Эйиэхэ туох буолуой атын дьон сордоноллоро, эйиэхэ туох буолуой атын дьон аччык сылдьаллара. С. Ефремов
2. Күүскүн, сыраҕын биэрэн туран тугу эмэ гын, оҥор. Делать что-л., прилагая большие усилия
— Хайа, милииссийэҕэ дьону хомуйар туһунан туох үлэни ыыттыҥ? — Тойонуом, сордоно сатаатым да, олох буолбаттар. М. Доҕордуурап
Сороҕор төһө да үлэлээ, сордон, айаххар үгүөрүтүк тиийэр аһы ылбаккын. А. Фёдоров
Тыый, тукаам, ол баччаҕа дылы иитэн сордонон баран, биир ынахпытын атыылаан кэбиһэрбит сүрэ бэрт буоллаҕа дии. МНН
хак. сортан, кум. чортан

Якутский → Русский

сордон=

возвр.-страд. от сордоо = испытывать, терпеть страдание, горе, мучиться, изнуряться чем-л.


Еще переводы:

замориться

замориться (Русский → Якутский)

сов. разг. наһаа муҥнан, сордон.

замучиться

замучиться (Русский → Якутский)

сов. муҥнан, олус эрэйдэн, сордон.

намучиться

намучиться (Русский → Якутский)

сов. разг. наһаа муҥнан, сордон, эрэйдэн.

умориться

умориться (Русский → Якутский)

сев. разг. наһаа илиһин, наһаа муҥу көр, наһаа муҥнан, сордон.

чиччигинээмэхтээ

чиччигинээмэхтээ (Якутский → Якутский)

чиччигинээ диэнтэн тиэт
көрүҥ. [Байбал:] Күтүр, сааһым тухары кистээн сордоммутум, чиччигинээмэхтээн хаалыах эбит. Амма Аччыгыйа

замучился

замучился (Русский → Якутский)

гл
муҥнанна, эрэйдэннэ, сордонно

измучился

измучился (Русский → Якутский)

гл,сов
сордонно, эрэйдэннэ

мучиться

мучиться (Русский → Якутский)

несов. муҥнан, сордон, эрэйдэн; больной долго мучился ыарыһах өр эрэйдэннэ; мучиться над разрешением вопроса боппуруоһу быһаараары муҥнан.

иҥиэхтээ

иҥиэхтээ (Якутский → Якутский)

туохт. Биир күдьүс буолбакка, кирдиэхтэтэн, дьигиҥнэтэн, бытааннык айаннаа. Плестись (идти), покачиваясь, запинаясь, подергиваясь
Сордонон-муҥнанан, Иннинэн-кэннинэн Иҥиэхтии иһэн, Табалара үргүбүтүгэр Тайах маһын мүччү тутта. П. Ойуунускай

кураанахха

кураанахха (Якутский → Якутский)

сыһ. Туһата суохтук. Впустую
Ый устата кураанахха сордоннубут дии. Тумарча
[Великанов:] Степан Владимирович, сүүс мөлүйүөн дуоллары таах кураанахха ыскайдыыллара буолуо дии саныыгын?! Н. Туобулаахап