аат.
1. Кими-тугу эмэ көрүөҕү баҕарыы, ол туһунан санааһын. ☉ Тоска
Васяттан биирдэ эмэ кэлэр суруктар ол ахтыы күчүмэҕэйдэрин кырааскалыы түһэн ааһаллара. Н. Заболоцкай
Оо, өр да күүттүҥ, эн саха кыыһа, эрэллээх кэргэн быһыытынан, дьиҥнээх сүрэх ахтыытынан. Т. Сметанин
Ахтыыттан үүккүн тоҕон Айманна дуу санааҥ? Баал Хабырыыс
2. Өйгө хаалан хаалбыт урут туох эмэ буолбуту санааһын. ☉ Воспоминание о чем-л. прошедшем
Ахтыы диэн тус бэйэ хайдах көрбүтүн-билбитин чуолкайдык туоһулаан көрдөрүү эрэ буолар. Амма Аччыгыйа. Өксөкүлээх Өлөксөй — А.Е
Кулаковскай туһунан миигин ахтыыта оҥор диэн көрдөстүлэр. Суорун Омоллоон
Биһиги кыайыыбытын ахтыыбынайдык уһансыбыт, сэрии бойобуой суолларын ааспыт бэтэрээннэр ахтыылары оҥоруулара кэрэхсэбиллээх буолла. «Кыым»
3. Өлбүт киһини кэриэстээн ааһыы (өлбүтэ тоҕус уонна түөрт уон хонуга туолар күнүгэр ас бэлэмнээн, остуол тардан оҥоһуллар). ☉ Угощение в память умершего (проводимое на девятый и сороковой день после смерти)
Дьэ диэ, тукаам, ити ыарахан тылы тоҕо тыллаһаҕын? «Ахтыы» диэн суох буолбут киһиэхэ сыһыаннаах тыл эбээт. А. Сыромятникова