Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сохсой

дьүһ. туохт. Өрө үллэн, бөгдьөллөн көһүн (хол., киһи баттаҕын эбэтэр көп, үллэгэр түүлээх ким, туох эмэ туһунан этэргэ). Вздыматься, взъерошиваться, казаться пушистым бугорком
Уһун Уйбаан сохсойбут баттахтаах, өтөрү-батары саҥарбыт үгүс лэбигирэс тыллаах-өстөөх киһи эбит. И. Никифоров
Сарсыарда турбутум, арай аргыстарым харахтара кытаран, үкчү ардахтаабыт элиэ курдук сохсойон олороллоро. В. Протодьяконов
Ыстапаан мас төбөтүгэр эриллибит, дулҕа сиэлин курдук сохсойбут «харбыырын» солуурдаах ууга уган ыла-ыла, сууйан ньалыахтата сырытта. «ХС»
ср. алт. соксой ‘быть прямым, вытягиваться’, монг. согсойх ‘торчать, лохматиться (о волосах)’, кирг. соксой ‘торчать, выпячиваться’

Якутский → Русский

сохсой=

образн. пушисто вздыматься, взъерошиваться, казаться пушистым бугром.


Еще переводы:

сохсолус=

сохсолус= (Якутский → Русский)

совм. от сохсой=.

сохсоруй=

сохсоруй= (Якутский → Русский)

подвижн. от сохсой=.

сохсоҕолдьуй=

сохсоҕолдьуй= (Якутский → Русский)

разд.-кратн. от сохсой=.

нахохлиться

нахохлиться (Русский → Якутский)

сов. 1. (о птицах) сохсой; 2. перен. разг. (о человеке) арбы-сарбы буол.

хохлиться

хохлиться (Русский → Якутский)

несов. 1. (о птицах) сохсой, буг-дуй, түүгүн адаарыт; 2. перен. разг. арбы-сар-бы буол.

сохсоҥноо

сохсоҥноо (Якутский → Якутский)

сохсой диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Улахан бороҥ тумустаах тураах дьоһумсуйан сохсоҥнуур. ОВИЛТ

сохсоруй

сохсоруй (Якутский → Якутский)

сохсой диэнтэн хамс
көстүү. Сэргэчээн хоту диэки хааман сохсоруйан эрдэҕинэ, …… Дьэргэ хаһыытаата. Болот Боотур
Тиэтэйиий, айаннаан сохсоруй. И. Эртюков

сохсолдьуй

сохсолдьуй (Якутский → Якутский)

сохсой диэнтэн арыт
көстүү. [Тоҥхоорой Бааска] Дьэкиими көрдө-көрбүтүнэн хааман сохсолдьуйан кэллэ. Болот Боотур
Арамааскы уол баттаҕа бураллан, хааман сохсолдьуйан киирдэ. М. Доҕордуурап

сохсоҕолдьуй

сохсоҕолдьуй (Якутский → Якутский)

сохсой диэнтэн арыт
көстүү. Тэлгэһэтигэр киирэрин кытары улахан эриэн ыт утары сүүрэн сохсоҕолдьуйан кэлэн, тула көтө сылдьан эккэлээтэ. С. Никифоров
Көтөрө син биир чуопчаара, сохсоҕолдьуйа тырып-тырып кынатын хамсатар, тэйбэт. ПИС СТС

сохсолун

сохсолун (Якутский → Якутский)

сохсой диэн курдук
Томмот киһитин сохсоллубут кэтэҕин көрөн сонньуйда. Софр. Данилов
Кырдьаҕас суор сыгынахтан чоройбут силискэ сохсоллон олорон модьугу хаһан хааны таһаарарын кэтэһээччи буолла. Н. Лугинов
Бүөтүр кыыһыран, өсөһөн, дьиэтигэр сохсоллон олорбута. Н. Габышев