Якутские буквы:

Якутский → Якутский

соһулуоннаа

туохт. Соһулуонна оҥор, бурдук түүтэхтэрин чөмөхтүү туруортаа. Заготовлять (ставить) суслоны
Үөрэ-көтө үлэлэрин түмүктээтилэр: баайыыларын соһулуоннаатылар, аахтылар. Софр. Данилов
Түүтэхтэри куурдарга соһулуоннууллар, онуоха биирдии соһулуоҥҥа биэстии паара түүтэҕи туруораллар. ХКА


Еще переводы:

соһулуоннааһын

соһулуоннааһын (Якутский → Якутский)

соһулуоннаа диэнтэн хай
аата. Бурдугу …… быһаат, тута түүтэхтии баайыллыахтаах, итиэннэ кириэстии ууруу, соһулуоннааһын тэрийиллиэхтээх. СОТ

соһулуоннан

соһулуоннан (Якутский → Якутский)

соһулуоннаа диэнтэн атын
туһ. Кэннибитигэр сэлиэһинэй сонуога, соһулуоннаммыт түүтэхтэр көстөллөр. Н. Кондаков
Быһыллыбыт бурдугу барытын түүтэхтэнэр уонна бааһына устатынан көбүс-көнөтүк соһулуоннанар. САССР КТК

дьабдьылый

дьабдьылый (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт., кэпс. Тиэтэйэр курдук туттан-хаптан, түргэнник тугу эмэ гын, оҥор. Делать что-л. в спешке, торопливо, двигаясь очень быстро
Дьаам ата эмиэ айаннаата. Дьааҥы устун, тайҕа устун дьабдьылыйда. С. Васильев
Фронтовик Бөтүрүөйэ, кэлбит дьону көрөн, оонньуу-күлүү курдук этэ-этэ, түүтэхтэри такыр илиитигэр кыбына-кыбына, соһулуоннаан дьабдьылыйар. У. Нуолур
«Били киһи олус аҕыйаҕы орообут, эмиэ ыксаан дьабдьылыйдаҕа», - диэн Миитэрээһин сэмэлии санаата. Кустук

кылааттаа

кылааттаа (Якутский → Якутский)

туохт. Быһыллыбыт бурдугу түүтэхтээн, соһулуоннаан куурдан баран кэбис. Скирдовать снопы хлеба после просушки в суслонах
Ол кинилэр бурдук кылааттыыр лаабыстара үрэллэ сытар эбит. Эрилик Эристиин
Түүтэхтэри соһулуоннарга …… куурдуу кэнниттэн бурдугу кылааттыыллар. КХҮТ
Оруоһу быһаҕын, онтон түүтэх гына баайаҕын уонна кылааттыыгын, ону тыал сайа охсуон, күн уота куурдуон наада. ПНО

түүтэхтии

түүтэхтии (Якутский → Якутский)

сыһ. Түүтэх курдук, түүтэх гына. Снопом, пучком
Аргыһым куруҥҥа үүммүт кучуну үргээн, түүтэхтии кэлгийээт, бэрэмэдэйигэр тэскэччи уган кэбистэ. ФВС К
Укуруоп ыһыыта киэҥ буоллаҕына, от охсор массыынанан оҕустаран баран кыракыра гына түүтэхтии баайыллар. КММ ОК
Быһыллыбыт сэлиэһинэйи тута түүтэхтии баайыахха уонна түүтэхтэри кириэстии биитэр соһулуоннуу ууруохха наада. ХКА