вязать снопы.
Якутский → Русский
түүтэхтээ=
Якутский → Якутский
түүтэхтии
сыһ. Түүтэх курдук, түүтэх гына. ☉ Снопом, пучком
Аргыһым куруҥҥа үүммүт кучуну үргээн, түүтэхтии кэлгийээт, бэрэмэдэйигэр тэскэччи уган кэбистэ. ФВС К
Укуруоп ыһыыта киэҥ буоллаҕына, от охсор массыынанан оҕустаран баран кыракыра гына түүтэхтии баайыллар. КММ ОК
Быһыллыбыт сэлиэһинэйи тута түүтэхтии баайыахха уонна түүтэхтэри кириэстии биитэр соһулуоннуу ууруохха наада. ХКА
түүтэхтээ
туохт. Быһыллыбыт бурдугу түүтэх гына баай. ☉ Вязать сжатые хлебные злаки в снопы
Бурдугу үүннэрэр бары кэриэтэ норуоттар быспыт бурдуктарын былыр-былыргыттан түүтэхтиир үгэстээхтэр эбит. ЕВФ УуДК
Саас саха сухатынан сирин хорутунан, бурдугун ыһынара, күһүн сиэрпэнэн быһан түүтэхтээн лаабыстыыра. ТГС ЫА
Хонуулары сыыстан-бөхтөн ыраастыыр, кинилэри саас өртүүр, сиэрпэнэн бурдугу быһан, түүтэхтээн соһулуон туруорар. КПЫ
Еще переводы: