каломель, у рту у т хлорида (хлордаах уртуут (минерал): хлор икки атома уртуут икки атомын кытта холбоспута — Hg2Cl2. Кристала өҥө суох, солохтортон хараарар ууга соччо суураллыбат, айылҕаҕа уртууттаах минерал быһыытынан дэҥҥэ көстөр. Органическай реакцияны тургэтэтээччи (катализатор) быһыытынан туһаныллар. Уртуут хлоридын сүлүмэ (сулема) диэн атын көрүнэ ууга суураллымтыа уонна күүстээх дьаат — HgCl2.)