көр эҕирий
Абабын-сатабын Арҕастаах баалларбын Төлүтэ тэбинээт, Төттөрү өҕүйдүм — Өрүтэ үллэҥнээт, Өҕүрүйэн ыллым. П. Ойуунускай
Силис уутун ситимнээн, Үрүйэ уутун өҕүрүйэн, Суллуур мууһу сууһартаан Суола, Суола үрэҕим Халаан буолан халыйда. С. Зверев
♦ Үрдэр антах, өҕүрүйдэр бэт- тэх — атын киһи эппитинэн сылдьар бэйэтэ туспа санаата суох киһи. ☉ Слабовольный, бесхарактерный, легко поддающийся влиянию человек (букв. вдохнёшь — он сюда, выдохнешь — он туда)
Тура-олоро дьороһойбут, Киирэ-тахса биэрэстэммит, Үрдэр антах, Өҕүрүйдэр бэттэх, Сэбирдэхтээҕэр чэпчэки, Тыаллааҕар сытыы, Туппутун эрэ умнар. Өксөкүлээх Өлөксөй
Үрдэр антах, өҕүрүйдэр бэттэх киһи өрүү тиэтэйэ-саарайа эрэ сылдьыа. Р. Гамзатов (тылб.)