даҕ. Сыгаан курдук. ☉ Как цыган, похожий на цыгана, цыганистый
Взвод хамандыыра Чуркин диэн кыра уҥуохтаах, сыгаанныҥы дьүһүннээх, бэһиэлэй киһи баара. Амма Аччыгыйа
Якутский → Якутский
сыгаанныҥы
Еще переводы:
кэлии (Якутский → Якутский)
I
аат., эргэр. Тугу эмэ (хол., бурдук куолаһын, табах отун) соҕоҕунан үлтү сынньарга аналлаах хаһан оҥоһуллубут дириҥ истээх мас иһит. ☉ Деревянная ступа (из обрубка бревна)
Сиэҥкэ диэн Доромоон тоҕустаах оҕото, суол аанын диэки туран, кэлиигэ бурдук сынньар. Күндэ
Били табах кэлиитэ ханна буолла? Суорун Омоллоон
Сымыыт уоһаҕын саахары, какаоны кытта дэлби аалыллар, эриэхэни кыра кэлиигэ илдьи сынньан эбиллэр. ФВН ТС
♦ Кэлии да соҕох — олус өһөс, хадаар быһыы, тылга киирбэт, эппити кубулуппат буолуу. ☉ Тупое упрямство, крайняя несговорчивость
Дьэ ол курдук биһиги аҕабыт, төрүт да өһөс муҥутаан, ууга киирбэтэх оҕус курдук, кэлии да соҕох буолбута. Н. Заболоцкай
«Манан сатаммат. Онон наада! — Чэрэндэй эппитин эттэ. — Кэлии да соҕох», — сыгаанныҥы уол эбии кыыһырда. И. Данилов. Кэлиилии кэп — эппиккин үрүт-үөһэ этэ тур, наар биири хатылаа. ☉ Надоедливо говорить, упорно повторять одно и то же
Биирдэ эппити кэлиилии кэбэ турар үтүөҕэ тиэрдээччитэ суох. Софр. Данилов
Мин эппиппин дакаастаан, кэлиилии кэбэ турабын. Р. Баҕатаайыскай
Атыттар сыыһа эппиттэрин эбэтэр дьаһайбыттарын биллэллэр да, соруйан эбэтэр ону аһаҕастык билиниэхтэрин кыбыстан кэлиилии кэбэр идэлээхтэр. «ХС»
тюрк. кэли, кели
II
кэл диэнтэн хай
аата. Аныгы кэлиибэр эрэспиэскэ туһунан хайаан да тугу эмэ билэр буолуохтаахпын. Т. Сметанин
Саас сайын кэлиилэрэ оҕолорго туохтан да ордук кэрэ буолара. Дьүөгэ Ааныстыырап
Бурдук кэлиитэ куһаҕана суох. Гектартан уонтан тахса сэнтиниэр хомуллар. «ХС»
III
даҕ. Олохтоох буолбатах, хантан эрэ кэлбит. ☉ Не местный, приезжий
«Кэлии кыыс» кинилэртэн бары өттүнэн бары итэҕэһэ суох сайдыылааҕын сотору кэминэн билинэргэ тиийбиттэрэ. Э. Соколов
Сахалар түҥ былыр соҕуруулуу-арҕаа Тобол сирин диэки …… олорбуттар, онон олохтоох буолбакка, кэлии омуктар. СПА СТИ
Түөрт сыллааҕыта сайын Николай эмиэ кэлии киһитин үгэһинэн олорор дьиэ көрдөһүүтүгэр бэрт уһуннук эрэйдэммитэ. «ХС»
△ Хантан эмэ аҕалыллыбыт, маннааҕы буолбатах. ☉ Привезенный откуда-л., привозной. [Кимка] Күндээриҥнэс массыынатынан Көстүүтүнэн күөн туттубут, Кэлии миэбэлинэн сырсыаласпыт, Кэрэ дорогуой папочкалаах. Р. Баҕатаайыскай
Бастакы кэлбит нууччалар саха тимирин кэлии тимиртэн лаппа ордорон олохтоох улуустартан анаан-минээн атыылаһаллара. «ХС»